Сэбиэскэй Сойуус, ол иһигэр Саха сирин оҕолоро «Барыта — Кыайыыга! Барыта — фронт туһатыгар!», «Тыылга үлэ син биир сэриигэ курдук» диэн ыҥырыыны ылынан, кимиилээхтик киирсэн, Кыайыыны аҕалсыбыттара. Хаҥалас оччолордооҕу эдэркээн кыргыттара да хаалсыбатахтара, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ. Тыыннаах холобур буолар, патриоттар диэн кинилэр бааллар.
Хаартыскаҕа 3-с Малдьаҕар (Тиит Арыы) нэһилиэгин ытык-мааны кырдьаҕастара олороллор. Хаҥастан уҥа Марфа Васильевна Ноева, сэрии сылларын оҕото, үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, икки Үлэҕэ Албан Аат уордьан кавалера, аатырбыт ыанньыксыт. Ортоку олорор Павлова Матрена Ивановна герой-ийэ, тыыл бэтэрээнэ, 1941-1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллээх. Үһүс киһинэн Хаҥалас улууһун уһун үйэлээхтэригэр киирэр, 1941-1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллээх, 93 саастаах аарыма кырдьаҕас, тыыл бэтэрээнэ Ксенофонтова Анастасия Степановна.
Ытык дьон эдэр саастарыттан дьүөгэлии сыһыаннарын туппутунан сылдьаллар, быстах даҕаны кэмҥэ көрсүбэтэхтэринэ суохтаһаллар, ахтыһаллар. Анастасия Степановна, Матрена Ивановна сэрии ыарахан сылларын эттэринэн-хааннарынан, илиилэринэн-атахтарынан, өйдөрүнэн-санааларынан бука барытын билэн ааспыттара. Оонньооботох оҕо саас, биир быһыы килиэп хайдахтаах күндүтэ, сорох-сорох түгэннэргэ дьон хаҕыс сыһыанын оҕо туҥуй сүрэҕэ умнубаттыы ылынара баар этэ, баар этэ…
Ыам ыйын 9 күнэ 1945 сыл. Анастасия Степановна уонна Матрена Ивановна бу улуу Кыайыы күнүн илэ харахтарынан көрбүттэрэ, үйэлэргэ умнуллубаттыы ылыммыттара. «Харах уулаах дьоллоох түгэн» диэн манныгы этэн, хоһуйан эрдэхтэрэ.
Быйыл даҕаны дьүөгэлэр Кыайыы күнүн бииргэ көрсүөхтэрэ, дуоһуйа кэпсэтиэхтэрэ, сэрии кэминээҕи ырыалары ыллыахтара уонна сэрии толоонугар өлбүт буойуттары, биир дойдулаахтарын саныахтара. Ытык кырдьаҕастар, элбэх ыччаттаах дьон сиэринэн баҕа санаалара — сэрии буолбатын, сэрии уота күөдэпчилэнэ умайан, аан дойдуга тарҕамматын диэн.
Мин бу хаартысканы Патриоттар сылларынан, төрөөбүт дойдуга таптал, чугас дьоҥҥо үтүө сыһыан уонна уһун үйэлэниини өрө тутуу, дьулуһуу үтүө холобура диэн сыаналыыбын. Сэрии сылларын уҥуордаан, сэрии содулун туоратыыга, оһорунууга, эйэлээх олоххо күүрээннээх, бэйэни харыстаммат үлэни өрө тутан инники күөҥҥэ сылдьыбыт сэрии сылларын үлэҕэ байыастара бу олороллоро көрүөххэ үчүгэйин!
Тыыннаах холобур буолар, патриоттар диэн кинилэр бааллар. Ийэлэрбитинэн, эбэлэрбитинэн, хос эбэлэрбитинэн биһиги киэн туттабыт, кэрэ кэпсээн оҥостобут. Бу кэрэ күлүм түгэни таба көрөн үйэтиппит, Чкалов сэлиэнньэтин сис дьонугар, дьиҥнээх патриоттарыгар Розалия уонна Егор Архиповтарга барҕа махталбытын тириэрдэбит.
This post was published on 09.04.2020 12:08 12:08