Саха сиригэр биэс уонна онтон элбэх оҕолоох 125 ыал 2022 сылга дьиэҕэ субсидия ылыахтара. Ол сыалга бюджекка 500 мөл солк көрүллэр. Социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Елена Теплякова соцситимнэринэн иһитиннэрдэ, суруйар СИА.
Елена Теплякова кэпсээбитинэн, дьиэҕэ субсидияҕа уочарат бюджекка көрүллүбүт сууманан сыҕарыйар. Бу сылга 200 мөл солк көрүллүбүтэ, бюджет чуолкайдааһыныгар эбии 300 мөл солк тыырылынна. Ил Дархан сорудаҕынан бу боппуруос хонтуруолга тутуллар.
Онон уопсай суума 2022 сылга 500 мөл солк. Быһа барыллаан, 125 ыал бу төлөбүрү ылыахтаах, уочаракка бу күҥҥэ 1893 ыал баар.
This post was published on 05.03.2022 11:01 11:01