Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр табыгастаах куорат эйгэтин тэрийэр бастыҥ бырайыактар III куонкурустарыгар Томмот, Өлүөхүмэ куораттар, Аллараа Бэстээх, Амма уонна Хаандыга бөһүөлэктэрэ кыайыылаахтарынан буоллулар.
«Томмот куората 100 мөлүйүөн суумалаах граны ылла. Өлүөхүмэ, Аллараа Бэстээх, Амма уонна Хаандыга 50-ча мөлүйүөн солкуобайга тигистилэр. Көрүллүбүт үбүлээһин пааркалары, уопсастыбаннай сирдэри уонна искибиэрдэри саҥардыыга уонна тутууга барыаҕа», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев “Саха” НКИХ ханаалга “Саха сирэ, иннибит диэки!” биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Маннык ситиһии куораттарга, улуустар кииннэригэр архитектура салааларын уонна анал тэрилтэлэр былааннааһын бэлиитикэтин сөптөөхтүк ыытар үлэлэрин түмүгэ», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эригийиэннэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт II күрэххэ 14 сайаапкаттан биэһэ кыайыыны ситиспитэ. Бу — Майа сэлиэнньэтин “Кыайыы аартыга” уопсастыбаннай сирэ, Кыайыы болуоссата – Орто Халымаҕа, Бүлүүгэ – “Ыллыыр Кумах” сынньанар сир, Мииринэйгэ куорат паарката уонна Нерюнгригэ култуура паарката.
Куораттары уонна нэһилиэнньэлээх пууннарыы саҥардыыга уонна туһуламмыт араас тэрээһин “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак “Табыгастаах куорат эйгэтин үөскэтии” федеральнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.
Елена Потоцкая, Саха сирэ
This post was published on 30.08.2024 11:19 11:19