2021 сылга Саха сиригэр биэс мэдэссиинэ тэрилтэлэрин тутуу саҕаламмыта, ол иһигэр Бүлүү куоракка балыыһа, Таатта Ытык-Күөлүгэр поликлиника, Уус- Майаҕа поликлиника уонна балыыһа, Муома Хонуутугар балыыһа уонна иккис уочараттаах балыыһаны Чурапчыга диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Быйыл Бүлүү куоракка бастакы уочараттаах балыыһа үлэҕэ киириэҕэ, ону тэҥэ 19 ФАП уонна врачебнай амбулаториялары — Чкалов Аллайыаха, Харбалаах, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма Нелемнайыгар Өлүөхүмэ Абаҕатыгар, Аллараа Халыма Андрюшкинотыгар, Уус- Алдан Уһун-Күөлүгэр, Дьааҥы Сайдыытыгар, Усуйаана Уус-Куйгатыгар, Амма Абаҕатыгар, Булуҥ Күсүрүгэр, Ленскэй Нүүйэтигэр, Нам Аппаанытыгар, Ньурба Хатын сыһыытыгар, Өймөкөөн Томторугар, Сунтаар Уһун Күөлүгэр, Нерюнгри Иенгратыгар, Мэҥэ-Хаҥалас Хорообутугар, уонна Тулагыга тутуохтара.
«Доруобуйа» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии түмүгүнэн медицинскэй көмөнү оҥорорго табыгастаах усулуобуйаны тэрийиини күүтэбит», — диэн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева бэлиэтээтэ.
This post was published on 15.07.2022 09:03 09:03