Биэнсийэлээхтэр эбии 10 тыһ солкуобайы ылыахтара

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биэнсийэлээхтэргэ эбии 10 тыһ солкуобайы төлүүр туһунан бэҕэһээ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһүүтүгэр эттэ. Бу туһунан СИА РИА «Новости» сигэнэн суруйар.


Владимир Путин биэнсийэҕэ сылын аайы эбиллэр биир тыһыынча солкуобай ситэтэ суоҕун, инфляцияҕа сабырыйтарарын этэн туран, биирдэ эбии 10 тыһ солкуобайы төлүүрү эттэ. Бэрэсидьиэн харчыны бары биэнсийэлээхтэр ылыахтара диэтэ.

This post was published on 23.08.2021 11:03 11:03