Биэнсийэлээхтэр 10 тыһыынча харчыларын биэнсийэлэрин кытары тутуохтара

Биэнсийэлээхтэр 10 тыһыынча харчыларын биэнсийэлэрин кытары тутуохтара. Көмө харчыны Арассыыйаҕа барыта 43 мөл биэнсийэлээх киһи тутуо. Бу туһунан СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.


Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биэнсийэҕэ эбии биирдэ 10 тыһ. солкуобайы төлүүр туһунан этиитин атырдьах ыйын 22 күнүгэр оҥорбута. Көмө харчыны үлэлиир, үлэбээбэт итиэннэ байыаннай биэнсийэлээхтэр ылыахтара. Бүддьүөттэн ити сыалга 500 млрд солкуобай көрүллүө.

This post was published on 25.08.2021 17:01 17:01