Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ биэс буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Дьокуускай куоракка биэнсийэҕэ олорор киһиттэн үбүн-харчытын түөкүттэр уорбуттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ.
Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга уонна Нерюнгри оройуонугар уоруу үс итиэннэ Хаҥалас улууһугар массыынаны күрэтии түбэлтэлэрэ бэлиэтэннэ. Суукка иһигэр 4 техногеннай баһаар таҕыста, киһи эчэйиитэ, өлүүтэ бэлиэтэммэтэ.
Өймөкөөн оройуонугар «Халыма» федеральнай айан суолун 711 км «Ситрак» мааркалаах цистерна бырысыаптаах массыынаны ыытан испит суоппар уруулун сатаан туппакка, суолтан суулунна. Суол быһылаанын түмүгэр 5 кв.м. кэриҥнээх сиргэ дизель уматык тоҕунна.
Сайаана Львова, Саха сирэ