Биэнсийэ ылааччы өллөҕүнэ "накопительнай" чааһа кимиэхэ бэриллиэхтээҕий

Хаартыска: ЯСИА саайта

Биэнсийэлээх өлбүтүн кэннэ кини аймахтара биэнсийэ страховой чааһын бүтэһик ыйын уонна «накопительнайын» ылыахтарын сөп. Бэрээдэк туһунан «Госуслуги» порталга быһаардылар.

Страховой биэнсийэ

Төлөбүр биэнсийэлээх өлбүт ыйын кэннэ үүнэр ый 1 күнүттэн бэриллэрэ тохтуур. Өлбүт ыйын биэнсийэтэ, кини ханнык чыыһылаҕа өлбүтүттэн тутулуга суох, бэриллэр.

Өлбүт биэнсийэлээх ылбатах ыйын кинини кытта биир дьиэ кэргэҥҥэ олорбут үлэлээбэт киһи ылар. Оҕото, кэргэнэ, быраата-убайа, балта-эдьиийэ, эһэтэ, эбэтэ, сиэнэ буолуон сөп. Ылааччы киһи социальнай пуондаҕа алта ый иһигэр биллэриэхтээх. Хас да киһи сайабылыанньа биэрдэҕинэ — биэнсийэни аҥаардыыллар.

Үлэлээбэт аймаҕа суох эбэтэр ким да пуондаҕа сайабылыанньалаах кэлбэтэх буоллаҕына — суума нэһилиэстибэтин чааһыгар барар уонна нэһилиэстибэ уопсай быраабылатынан бэриллэр.

Мунньуллубут (накопительнай) биэнсийэ

Мунньуллубут биэнсийэни өлбүт киһи нэһилиэнньигэ ылар. Биэнсийэ анана илигинэ өлбүт буоллаҕына ылар уочараттара:

  • оҕолоро, кэргэнэ, төрөппүттэрэ;
  • быраат-убай, балыс-эдьиий, эһэ, эбэ уонна сиэн.

Өлбүт биэнсийэлээх эрдэ тыыннааҕар мунньуммут чааһын кимиэхэ биэрэрин анаан сайабылыанньа суруйбут буоллаҕына, төлөбүр докумуоҥҥа ыйыллыбыт киһиэхэ бэриллэр.

Мунньуллар биэнсийэҕэ Ийэ хапытаала ыытыллыбыт буоллаҕына, харчыны ылар:

  • оҕо аҕата;
  • сокуоннай саастарын туола илик оҕолор эбэтэр 23 сааһыгар диэри устудьуоннара.

Төлөбүр туһунан алта ый иһигэр биэнсийэҥ ханна мунньулла сытарынан СФР-га эбэтэр НПФ-га сайабылыанньа бэриллэр.

This post was published on 13.11.2024 18:04 18:04