Страховой биэнсийэ
Төлөбүр биэнсийэлээх өлбүт ыйын кэннэ үүнэр ый 1 күнүттэн бэриллэрэ тохтуур. Өлбүт ыйын биэнсийэтэ, кини ханнык чыыһылаҕа өлбүтүттэн тутулуга суох, бэриллэр.
Өлбүт биэнсийэлээх ылбатах ыйын кинини кытта биир дьиэ кэргэҥҥэ олорбут үлэлээбэт киһи ылар. Оҕото, кэргэнэ, быраата-убайа, балта-эдьиийэ, эһэтэ, эбэтэ, сиэнэ буолуон сөп. Ылааччы киһи социальнай пуондаҕа алта ый иһигэр биллэриэхтээх. Хас да киһи сайабылыанньа биэрдэҕинэ — биэнсийэни аҥаардыыллар.
Үлэлээбэт аймаҕа суох эбэтэр ким да пуондаҕа сайабылыанньалаах кэлбэтэх буоллаҕына — суума нэһилиэстибэтин чааһыгар барар уонна нэһилиэстибэ уопсай быраабылатынан бэриллэр.
Мунньуллубут (накопительнай) биэнсийэ
Мунньуллубут биэнсийэни өлбүт киһи нэһилиэнньигэ ылар. Биэнсийэ анана илигинэ өлбүт буоллаҕына ылар уочараттара:
- оҕолоро, кэргэнэ, төрөппүттэрэ;
- быраат-убай, балыс-эдьиий, эһэ, эбэ уонна сиэн.
Өлбүт биэнсийэлээх эрдэ тыыннааҕар мунньуммут чааһын кимиэхэ биэрэрин анаан сайабылыанньа суруйбут буоллаҕына, төлөбүр докумуоҥҥа ыйыллыбыт киһиэхэ бэриллэр.
Мунньуллар биэнсийэҕэ Ийэ хапытаала ыытыллыбыт буоллаҕына, харчыны ылар:
- оҕо аҕата;
- сокуоннай саастарын туола илик оҕолор эбэтэр 23 сааһыгар диэри устудьуоннара.
Төлөбүр туһунан алта ый иһигэр биэнсийэҥ ханна мунньулла сытарынан СФР-га эбэтэр НПФ-га сайабылыанньа бэриллэр.