Биэнсийэ: үрдээһиннэр, эбии төлөбүрдэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Сыл аайы муус устар 1 күнүгэр социальнай биэнсийэ индексацияланар. Онон быйыл социальнай биэнсийэ 7,5% үрдүөҕэ.

Арассыыйа үрдүнэн 4 мө­­лүйүөн кэриҥэ киһи социаль­най биэнсийэни ылар. Социальнай пуонда индексацияны бэйэтэ оҥорор уонна биэнсийэлээхтэргэ тиэрдэр. Социальнай биэнсийэни инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго (күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буол­лаҕына, 23 сааһыгар диэри), үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо (эр дьоҥҥо 65, дьахталларга 60 саастарыгар), аҕыйах ахсаан­наах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэригэр биэрэллэр.

Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Социальнай биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри эбии төлүүр. Ону ыларга булгуччу социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньа биэриэххэ наада.

Оччотугар, муус устар ыйтан кимнээххэ биэнсийэлэрэ үрдүүрүй?

3,4 мөлүйүөнтэн тахса киһиэхэ – социальнай биэнсийэни ылааччыларга;

700 тыһыынча киһиэ­хэ – биэнсийэҕэ судаарыс­тыбаттан хааччыллыы­лаах дьоҥҥо (космонавтар, байыаннай сулууспалаахтар, сэрии бэтэрээннэрэ, «Житель блокадного Ленинграда», «Житель осажденного Севастополя», «Житель осажденного Сталинграда» бэлиэлээх дьон, радиационнай, техногеннай саахаллартан эмсэҕэлээбиттэр, уо.д.а.)

7,5% ҮРДЭЭТЭ

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэлэрэ 7,5% үрдээбитэ. Биир биэнсийэ коэффициена 133 солкуобайга тэҥнэспитэ. Страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн кээмэйэ 8134 солкуобай буол­бута (былырыын 7567,33 солкуобай этэ). Бу суумаҕа хотугу оройуон коэффициена эбиллэр.

Оройуон коэффициена 1.4 буоллаҕына, кырдьар сааһынан страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ 11 388 солкуобайга тэҥнэһэр, 1.6 коэффициент — 13 015 солкуобай, 1.7 коэффициент — 13 829 солкуобай, 2.0 коэффициент — 16 269 солкуобай.

Уһук Хоту 15 сылтан аҕы­йаҕа суох кэмҥэ үлэлээбит уонна уопсай страховой ыстаа­һа 25 сыл (эр дьоҥҥо) уонна 20 сыл (дьахталларга) буоллаҕына, бигэргэммит төлөбүр кээмэйэ 50% үрдүүр.

80 СААСТААХ КЫРДЬАҔАСТАРГА

Биэнсийэлээх 80 сааһын туоллаҕына, страховой биэнсийэтин бигэргэммит чааһа икки төгүл үрдээбит кээмэ­йинэн төлөнөр.

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 80 сааһын ааспыт 12 821 кырдьаҕас олороро.

Биэнсийэ бигэргэммит чааһа — бу страховой биэнсийэ судаарыстыбаттан мэктиэлэммит, ыстаастан, хамнас­тан уонна төлөммүт усунуос­тан тутулуга суох чааһа буолар. Холобур, 2024 сылга страховой биэнсийэ бигэргэммит чааһа 8134 солкуобайга тэҥнэһэр. Онон 80 саастарын ааспыт кырдьаҕастарга биэнсийэ бигэргэммит чааһа 16 268 солкуобайга тэҥнэһэр (оро­йуоннааҕы коэффициены учуоттаабакка туран). Ол аата хотугу улуустарга бу сууматтан өссө үрдүк буолар.

Биэнсийэлээх 80 сааһын туолла да, сайабылыанньа суруйара ирдэммэт, Социальнай пуонда бэйэтэ хос ааҕан, үрдэтэр. Төрөөбүт күнүттэн кэлэр ыйга үрдээбит биэнсийэтин ылар.

КЫАММАТ ДЬОНУ КӨРӨӨЧЧҮЛЭРГЭ – СОЦИАЛЬНАЙ ТӨЛӨБҮР

Саха сиригэр 10 701 киһи кыаммат дьону көрөн олорон, социальнай көмөнү ылар. Ол иһигэр: 80 саастарын ааспыт, көрүүгэ-истиигэ наады­йар дьону, 1 группалаах инбэлииттэри көрөн олорооччу – 5835 киһи, инбэлиит оҕолору уонна оҕо эрдэхтэриттэн 1 группа­лаах инбэлиит дьону көрөн олорооччу – 4866 киһи.

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата кинилэргэ ыйдааҕы төлөбүрү төлүүр. Бу төлөбүр үлэлиир саастаах эрээри, үлэлээбэт уонна Дьарыктаах буолуу кииниттэн босуобуйа ылбат дьоҥҥо бэриллэр. Төлөбүрү ыларга “Госуслуги” порталга тус кэбиниэккэ, эбэтэр, Социальнай пуонда салаатыгар баран, икки сайабылыанньа бэриллэр.

Сайабылыанньаны таһынан эбии докумуоннары туттарыы ирдэммэт, тоҕо диэтэр, Социальнай пуонда бэйэтэ тустаах тэрилтэлэртэн көрдөөн булар. Төлөбүр көрүүгэ-ис­тиигэ наадыйар киһи биэнси­йэтигэр эбилик курдук бэриллэр. Кээмэйэ, оҕотуттан-кыр­дьаҕаһыттан тутулуктанан, араас буолар.

БИЭНСИЙЭҔЭ ЭРДЭ ТАХСЫЫ

Педагогтар кырдьар сааһынан биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар. Саха сиригэр 4775 педагог бу бырааптарынан туһаннылар.

Педагог РФ бырабыыталыс­тыбата бигэргэппит тэрилтэлэригэр 25 сыл педагогическай ыстаастаах уонна ирдэниллэр биэнсийэҕэ коэффициеннаах (2024 сылга – 28,2, 2025 сылга – 30) буолуохтаах.

Учууталлар биэнсийэҕэ эрдэ тахсалларыгар “переходный период” диэн учуоттанар. 2023 сылтан анал ыстаас кэнниттэн өссө 5 сыл үлэлиэхтээхтэр диэн уларыйыы киирбитэ. Холобур, учуутал педагогичес­кай ыстааһа быйыл туолбут буоллаҕына, биэнсийэҕэ 2029 сылга тахсыан сөп.

Кини үөрэммит уонна үөрэҕин үрдэтиммит сыллара эмиэ педагогическай ыс­­тааска ааҕыллаллар, өскөтүн бу кэмҥэ үлэни биэрээччи страховой усунуостарын төлүү олорбут буоллаҕына.

ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН ҮЛЭҺИТТЭРИГЭР ЭБИИ ТӨЛӨБҮР

Тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан аҕыйаҕа суох кэм устата үлэлээбит дьоҥҥо 2019 сылтан эбии төлөбүр төлөнөр. Бу төлөбүр кээмэйэ страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн 25%-гар тэҥнэһэр.

2024 сылга бу төлөбүр кээмэйэ 2033,72 солкуобай буолар, 3-с группалаах инбэлииттэргэ – 1016,86 солкуобай.

Саха сиригэр маннык төлөбүрү 2953 үлэлээбэт биэнсийэлээх ылар. Өскөтүн биэнсийэлээх куоракка көһөн олорор да буоллаҕына, бу төлөбүрүн ылар. Саамай сүрүнэ, тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сыл үлэлээбит буолуохтаах.

Бу төлөбүрү ылыан сөптөөх дьон испииһэктэригэр 500-тэн тахса идэ баар, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 02.04.2024 10:01 10:01