Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 7,3% индексацияланыаҕа. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.
Ол курдук, биэнсийэлээх киһи биэнсийэтин кээмэйин учуоттаан туран, индексация тохтоло суох ыытыллыбытын курдук кээмэйгэ тэҥнэниллиэҕэ.
Тохсунньуга эбиллиини биэнсийэҕэ тахсан олорор үлэлээбэт дьон эмиэ ылыахтара. Биэнсийэлээх киһи үлэтиттэн ууратыллыбытын кэннэ, үлэлиир кэмигэр бары көтүппүт индексацияларын толуйар эбии төлөбүрү ылыаҕа. Маннык быһаарыы ылыллыан иннинэ Арассыыйаҕа 2025 сылга биэнсийэ 2024 сылга дьиҥнээх инфляция былааннаммыт көрдөрүүттэн үрдүк буоллаҕына, өссө эбии индексацияланыан сөп диэн бэлиэтэммитэ, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 12.12.2024 17:11 17:11