Биэнсийэ пуондата “Мир” картаны алтынньы 1 күнүгэр диэри оҥорторору санатар

«О национальной платежной системе» федеральнайдааҕы сокуоҥҥа олоҕуран, алтынньы 1 күнүгэр биэнсийэ уонна социальнай төлөбүрдэри ылааччылар «Мир» картаҕа көһүүлэрэ түмүктэнэр.


«Мир» картаҕа көһүү биэнсийэни уонна социальнай төлөбүрү баанка картатыгар ылааччыларга эрэ булгуччулаах.

Биэнсийэлээх баҕатынан уурунуу счетугар биэнсийэтин ыыттарыан сөп.

Урукку курдук, биэнсийэлээх биэнсийэтин хайдах тиксэрэллэрин — баанын, почтатын уонна да атын тиксэрэр тэрилтэтин бэйэтэ быһаарар, тэрилтэ Биэнсийэ пуондатын кытта дуогабардаах буолуохтаах.

Алтынньы ый кэнниттэн, биэнсийэлээх «Мир» картата суоҕунан, ыытыллыбыт биэнсийэтэ төннүбэтин туһугар, Биэнсийэ пуондата эрдэттэн картаны оҥорорго сүбэлиир.

Сиһилии https://ysia.ru/v-penfonde-napomnili-o-neobhodimosti-oformit-kartu-mir-do-1-oktyabrya/

This post was published on 11.09.2020 12:01 12:01