Быйылгыттан биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэппиттэрэ. Онон бу эйгэ систиэмэтигэр элбэх уларыйыылар киирдилэр. Биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьон бырааптарын ту7унан кэпсиибит.
Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьону үөрэтиини “Демография” нацбырайыак иһинэн “Сааһырбыт дьон” хос бырайыагынан киллэрдилэр. Кулун тутартан саҕалаан, графигыттан эрдэлээн иһэр. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, сылга 75 тыһыынчаттан тахса киһи үөрэниэхтээх.
Кинилэр босхо үөрэнэллэр, тоҕо диэтэр, үөрэхтэрэ бүддьүөт суотуттан төлөнөр.
Саха сиригэр бу сыалга быйыл 31,3 мөлүйүөн солкуобайы тыырдылар. Үөрэнэн, идэтин уларытыан баҕалаах киһи 1-3 ый үөрэнэр. Кинилэргэ истипиэндьийэ төлөнөр. 2019 сылтан 380-400 киһини үөрэтэн саҕалаан, биэс сылынан 2 тыһыынчаттан тахсалыы киһини сыллата үөрэтэр буолуохтара.
Чэпчэтии үс көрүҥэ
Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо чэпчэтиилэри үс көрүҥҥэ араарыахха сөп: федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай нолуок чэпчэтиилэрэ. Бу чэпчэтиилэринэн туһаныы сааһынан араастаһар эбит. Ол эбэтэр биир киһи араас кэмҥэ туһанар кыахтаах.
Федеральнай чэпчэтиилэр
2018 сыл алтынньы 3 күнүгэр тахсыбыт сокуоҥҥа олоҕураллар. Манна биэнсийэҕэ тахсар 5 сыл иннинээҕи саастан бу чэпчэтиилэринэн туһаныахха сөп. Ол эбэтэр дьахталлар 45-50, эр дьон 55 саастарыттан саҕаланар. Биллэрин курдук, Саха сиригэр дьахталлар иккиттэн элбэх оҕолоох буоллахтарына, биэнсийэҕэ 50 саастарыттан тахсаллар. Оччотугар биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саас кинилэргэ 45-тэн саҕаланар.
Манна кинилэр доруобуйаны бэрэбиэркэлэнэр диспансеризацияҕа диэн 2 төлөнөр күнүнэн туһаныахтарын сөп. Үлэтэ суох хааллахтарына – тиийинэн олоруу кээмэйин саҕа (16,7 тыһ. солк.) босуобуйаны ылар бырааптаахтар. Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турдахтарына, эбии үөрэнэр эбэтэр квалификацияларын үрдэтэр бырааптаахтар. Үлэҕэ ылбат эбэтэр ууратар буоллахтарына, сокуон өттүнэн көмүскэллээхтэр, маннык түгэҥҥэ үлэни биэрээччилэр ыстарааптаналлар (200 тыһыынча солкуобайга диэри).
Федеральнай нолуок чэпчэтиилэрэ
Бу чэпчэтиилэр уруккунан биэнсийэҕэ тахсар саастарын (50, 55) туолбут дьоҥҥо ананаллар. Сир нолуогуттан 6 суотайга, дьиэ 50 миэтэрэтигэр нолуок төлөөбөттөр. Учаастак 6 суотайтан, дьиэ 50 миэтэрэттэн улахан буоллахтарына, хаалбыт чааһын төлүүллэр.
Эрэгийиэн чэпчэтиилэрэ
Эрэгийиэннэр бэйэлэрэ эбии чэпчэтиилэри олохтуохтарын сөп. Холобур, Хабаровскай кыраайга оптуобуска айаны толуйаллар (720 солк.), тиис быратыаһын босхо оҥортороллор, тыа сиригэр олорор дьон олох-дьаһах хаһаайыстыбатын өҥөлөрүн төлүүргэ чэпчэтиилээхтэр.
Камчаткаҕа биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон биэнсийэлээхтэр бырааптарынан толору туһанар буоллулар (оптуобуска, ОДьКХ өҥөтүгэр, нолуокка чэпчэтиилэр). Пермьҥэ эмиэ кинилэр бырааптарын тэҥнээтилэр.
Саха сиригэр биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинээҕи саастаах дьоҥҥо эрэгийиэннээҕи эбии чэпчэтиилэр көрүллэ иликтэр.
Үлэни биэрээччилэр эппиэтинэстэрэ
Биэнсийэ пуондатыгар биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинээҕи саастаах дьон иннигэр социальнай эбэһээтэлистибэлэрэ сүктэрилиннэ. Кинилэргэ араас чэпчэтиилэри оҥорорго Биэнсийэ пуондата уонна үлэни биэрээччилэр суругунан бигэргэммит икки өрүттээх сөбүлэһиилэрэ баар буолуохтаах. Ол иһин быйылгыттан үлэни биэрээччилэри кытары сибээһи күүһүртүлэр. Сүрүннээн электроннай суругунан дааннайдары ыытан, тэрилтэлэр ый аайы пуондаҕа отчуоттуохтаахтар.
2019 сыл ыам ыйынааҕы дааннайынан, Биэнсийэ пуондатыгар 16 909 үлэни биэрээччи учуокка турар. Кинилэртэн 5 тыһыынчаттан тахса үлэни биэрээччини кытары эбии сөбүлэһии түһэрсилиннэ.
Быйыл кыһыҥҥы-сааскы ыйдарга 3 тыһыынчаттан тахса киһи биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи статуһу ылары көрдөөбүт, кинилэртэн 2204 сибидиэнньэни үлэни биэрээччи ыйыппыт.
Сыллата 12 тыһыынча кэриҥэ киһи биэнсийэҕэ тахсар. Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон эмиэ бачча ахсааннаах буолуохтарын сөп. Сыл бүтүөр диэри ахсааннара чуолкайданыахтаах.
Сыыппара
16 909 үлэни биэрээччи Биэнсийэ пуондатыгар учуокка турар.
5 тыһыынчаттан тахса үлэни биэрээччини кытары эбии сөбүлэһии түһэрсилиннэ.
Туох бырааптаахтарый?
Анастасия Кычкина, РФ Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын биэнсийэни аныыры, хаттаан ааҕары, төлүүрү тэрийэр отдел начаалынньыга:
—2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсар саас 5 сылынан уһаата. Биэнсийэҕэ тахсаллара 5-тэн аҕыйах сыл хаалбыт дьон (предпенсионеры) кэккэ чэпчэтиинэн туһанар бырааптаахтар.
Холобур, дьиэ-уот уонна сир нолуогар чэпчэтиилээхтэр. Сыл аайы ыытыллар диспансеризацияҕа, дьарыктаах буолууга эмиэ мэктиэлэр баар буолуохтара. Биэнсийэҕэ тахсара 5 сыл хаалбыт киһини үлэтиттэн ууратар бобуллар, үлэни биэрээччи холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп.
Үлэтэ суох хаалбыт буоллахтарына, үрдүк босуобуйаны ылаллар.
Ыарахан үлэҕэ сылдьар, анал ыстаастаах дьон 5 сыл эрдэ тахсар бырааптаахтар. Кинилэргэ биэнсийэҕэ тахсыы иннинээҕи кэм 5 сылынан эрдэлээн биэрэр. Холобур, оптуобус суоппардара анал ыстаастаах буоллахтарына (15 сыл дьахталларга, 20 сыл эр дьоҥҥо), дьахталлар 50, эр дьон 55 саастарыгар тахсаллар. Оччотугар биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи кэм кинилэргэ 45 уонна 50 саастарыттан саҕаланар. Саха сиригэр аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар бэрэстэбиитэллэрэ (дьахталлар) уонна иккиттэн элбэх оҕолоох ийэлэр (хотугу ыстаастара баар буоллаҕына) 50 саастарыгар тахсаллар, оччотугар биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи кэм кинилэргэ 45-тэн саҕаланар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 03.10.2019 15:32 15:32