Биэнсийэҕэ эрэгийиэннээҕи эбилиги аны СФР төлүүр

Хаартыска: Саха сирэ саайт

2026 сылтан биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уоргана буолбакка — Арассыыйа Социальнай пуондата (СФР) төлүүр. Бу туһунан пуонда эрэгийиэннээҕи салаатыгар иһитиннэрдилэр, суруйар Саха сирэ саайт.

Маннык төлөбүр эрэгийиэҥҥэ олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах (биэнсийэ уонна атын төлөбүрдэр) үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ ананар.

2026 сылга Саха сиригэр биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык:

— бастакы зонаҕа – 28 775 солкуобай;

— иккис зонаҕа – 24 102 солкуобай.

СФР эбии төлөбүрү бэйэтэ ааҕар уонна биэнсийэни кытта биир күҥҥэ төлүүр. Ол эбэтэр биэнсийэлээхтэр килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспаларга төлөбүрү толотторо уонна ханнык эрэ докумуоннары биэрэ кэлэллэрэ ирдэммэт.

СФР Саха сиринээҕи салаатын чахчытынан, эрэгийиэннээҕи эбилиги бүгүн 39 тыһ. тахса киһи ылар.

Санаттахха, тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэлэр (кырдьыынан, инбэлиитинэн, иитэр киһини сүтэриинэн) 7,6 % эбиллибиттэрэ. Муус устар 1 күнүттэн социальнай уонна судаарыстыбаннай – 6,8 быр. үрдүөхтэрэ, оттон алтынньы 1 күнүттэн байыаннай биэнсийэлэр – 4 %.

This post was published on 12.01.2026 15:17 15:17