Биэнсийэҕэ эбии индексация бюджета бэлэм буолбутун Госдуумаҕа эттилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ уонна үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэлэрэ 2025 сылтан 7,3% индексацияланар. Маны сэргэ, бырабыыталыстыба олунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэни былырыыҥҥы инфляция таһымынан учуоттаан эбии индексациялыан сөп. Эбиллии 2,22% буолара сабаҕаланар. Росстат дааннайынан, 2024 сылга инфляция дойдуга 9,52% буолбута.

«Парламент ылыммыт бюджета бу миэрэлэргэ, биллэн турар, бэлэм», — диэтэ Госдума депутата.

Кини бэлиэтээбитинэн, дьаһал 40 мөлүйүөн Россия биэнсийэлээх олохтооҕун хабар.

This post was published on 20.01.2025 11:02 11:02