Биэни ыаһын. Тохсунньу тоһуттар тымныыта да тохтоппот

Биэ үүтүн туһатын туһунан суруйбуттара, эппиттэрэ ыраатта. Киһи доруобуйатыгар үчүгэй дьайыытын учуонайдар дакаастаабыттара быданнаата.


Саха сиригэр сылгылар айылҕа оҕолоро буолаллар. Төгүрүк сыл аһаҕас халлаан анныгар аһаан, төрөөн-ууһаан сылдьаллар. Биэлэри таһырдьа ыыллар.

«Эйгэ» бааһынай хаһаайыстыбаҕа биэлэри күҥҥэ үстэ ыыллар. Кинилэри тохсунньу тоһуттар тымныыта да тохтоппот, СИА суруйар.


This post was published on 12.01.2021 18:01 18:01