Оҕолору, эдэр ыччаты кинигэ алыптаах эйгэтигэр угуйар, дьон болҕомтотун тардар сыалтан бу дьыл муус устар 22 күнүгэр «Бичик» кинигэ кыһата Дьокуускай куоракка «Библионочь в Бичик-2016», оттон улуустарга муус устар 22-23 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн уонна ыам ыйын бырааһынньыктарын көрсө бары кинигэҕэ 20% чэпчэтиилээх акциялары тэрийэн ыытта.
Акция күн сарсыардаттан маҕаһыыннарга кинигэни сэргээн ааҕар атыылаһааччы тоҕуоруһа мустан, ыкса киэһээҥҥэ диэри халыҥ уочарат туран, бэл диэтэр, кинигэ долбуурдара кураанахсыйан ылаттаата. Куорат маҕаһыыннарыгар 616, улуустарга 342 атыылаһааччы санаата сытар, сөбүлүүр кинигэтин ылан сүргэтэ көтөҕүлүннэ.
Акция дьон-сэргэ кинигэни сэргээн, сэҥээрэн ааҕарын бигэргэттэ. Сыыппара көрдөрөрүнэн, үгүс атыылаһааччылаах Сунтаар улууһа, иккис – Чурапчы, үһүс – Мэҥэ Хаҥалас буоллулар. Ол түмүгэр маҕаһыыннар ый аҥаардаах былааннарын толордулар. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт Литература сылыгар уонна бу үүммүт сылга Чурапчы улууһа кинигэни ааҕыыга, атыыга тарҕатыыга бастыҥ көрдөрүүлэммитэ. Чурапчы киинигэр «Октябрьскай» атыы-эргиэн дьиэтигэр баар «Бичик» маҕаһыынын атыыһытын Айталина Владимировна Иванова кыһамньылаах үлэтин бэлиэтиэхпит этэ.
Өрөспүүбүлүкэбит сайдам, туруу үлэһит дьонугар-сэргэтигэр сахалыы кинигэлэри сэргээн, умсугуйан ааҕарыгар махтанабыт! Бэс ыйыгар Саха сиригэр сылаас салгыннаах үрүҥ түүннэр сатыылыахтара. Бу кэмҥэ «Ааҕыы үрүҥ түүннэрэ» диэн акцияны тэрийиэхпит диэн күндү ааҕааччыларбытыгар эрэннэрэбит.