«Бичик» кинигэ кыһата истиҥ доҕотторун түмтэ

Сахабыт тылын сайдыытын, култууратын өрө тардар үтүө аналлаах С. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата, Россия Бэчээтин күнүгэр, үгэскэ кубулуйбут тэрээһинин ыытта. «Көмүлүөк» рестораҥҥа үөрүүнү үксэтиһэ мустубут доҕотторугар ааспыт сылга кинигэ атыытын түмүгүн туһунан иһитиннэрдэ итиэннэ саҥа саҕахтарын сырдатта. 


    Дьоро тэрээһин ытык-мааны ыалдьыттарынан СӨ гражданскай уопсастыбаларын институттарын сайыннарыы миниистирэ Сардана Гурьева, кыһаны кытта ыкса үлэлэһэр «Якутский книжный дом» ХЭУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Домна Тархаева, «Книжный маркет» ХЭУо менеджерэ Наталья Пцарева буоллулар. Кэнники кэмнэргэ хоту улуустарга кинигэни тарҕатыыга улуус хаһыаттарын эрэдээксийэлэрэ ылсыбыттара кэрэхсэбиллээх. Итинэн сибээстээн бу күн ыалдьыттарынан: Орто Халыма улууһун «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Римма Ноговицына, Уус-Алдан улууһун «Мүрү саһарҕата» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Аркадий Алексеев, Өлөөн оройуонун «Сардаҥа» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Гуннара Байгильдина, Эдьигээн улууһун «Эдьигээн сонуннара» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Алексей Матвеев сырыттылар. Маны сэргэ кинигэни тарҕатааччылар: Дмитрий Ефремов, Клара Лукина, Ирина Карамзина-Иванова, Егор Белолюбскай, Мария Павлова, Любовь Эверстова, Егор Захаров, Петр Петров, ааптардар: Афанасий Гуринов-Арчылан, Татьяна Находкина, Галина Нельбисова, Евдокия Иринцеева-Огдо, Айталина Никифорова, Людмила Жиркова кэлбиттэр.

Бастакынан тыл ылбыт «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров үбүлүөйдээх 2016 сыл төһө да уустуктардаах буоллар, биир хамаанда буолан кинигэ атыытын түһэрбэтэхтэрин, улахан таһымнаах быыстапкаларга кыттыбыттарын, ааптардары кытта айымньылаахтык үлэлэспиттэрин, саҥа бырайыактар толкуйданан олоххо киирэллэригэр тиһиктээх үлэ ыытылларын туһунан эттэ уонна кинигэ атыытыгар бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ сертификаттары туттарда. Салгыы СӨ гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы миниистирэ Сардана Гурьева киһи киһилии быһыытын сүтэрбэтигэр, сиэрдээх буоларыгар олук уурар духуобунай баайбыт — кинигэ ааҕааччыга суолтатын бэлиэтээтэ, уопсастыбаннаһы көҕүлээн былырыын күһүн «Ааҕар Саха сирэ» кинигэ быыстапкатын тэрийбиттэрэ сана сүүрээннэри киллэрбитин аҕынна. Бэчээт күнүнэн кыһаны сүрүннүүр эрэдээктэргэ Валерий Луковцевка «Гражданскай көҕүлээһин туйгуна» анал бэлиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна. Салгыы кэллэктиип аатыттан тылы маассабай уонна популярнай литература эрэдээксийэтин сэбиэдиссэйэ Надежда Андросова ылла. Кини иллээх, айымньылаах кэллэктиип ааҕааччыны кытта ыкса ситимниир эрэллээх көмөлөһөөччүлэринэн кинигэ тарҕатааччылар уонна суруйар ааптардар буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 53 сыл кинигэни атыылыыр 89 саастаах ытык кырдьаҕас Егор Александрович Захаровы,  отутус сылын бииргэ үлэлиир 86 саастаах Петр Данилович Петровы киэн туттан ааттаата. «Бичик» эрэллээх көмөлөһөөччүлэрэ: «Биһиги ситиһиибит төрдө — доруобуйа, чэгиэн, чөл олох. Онуоха учуутал, иитээччи идэлээх буолан, ыччатарбытын билигин да кэрэҕэ-сырдыкка угуйа сылдьарбытыттан, туһалаах буоларбытыттан олус астынабыт», — диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Онтон сыл бастыҥ атыылааччыта буолбут эдэркээн Дмитрий Ефремов атыыта-эргиэнэ хайдах барарын, туохтан саҕыллан кинигэ тарҕатыытыгар күүскэ ылсыбытын туһунан билиһиннэрдэ.

Бу курдук кинигэни оҥорон, таҥан таһаарааччылар, суруйар дьон уонна тарҕатааччылар ситими быспакка бэйэ-бэйэни өйдөһөн үлэлииллэрэ ситиһиигэ тиэрдиэҕэр эрэнэллэрин, быйылгы былааннарын, сонун санааларын эттилэр. Бары көлүөнэ ааҕааччытыгар чугас буоларга, киэҥ эйгэҕэ олоххо туһалаах өттүн тиэрдэргэ, хаачыстыбаны тупсарарга, бары улуустары хабан киэҥник үлэлииргэ, айарга-тутарга саҥа соруктары туруоруннулар.

This post was published on 16.01.2017 15:27 15:27