Бу күннэргэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар өр күүтүүлээх баһыылкалара кэллэ — кыһыл көмүс мэтээл уонна 46-с «London Book Fair» Лондоннааҕы быыстапкаҕа кыттыбыттарын туоһулуур сэртипикээт. Маннык улахан суолталаах норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиҥҥэ саха кинигэтэ аан бастаан туруорулунна. СИА-ҕа сиһилии дириэктэр Август Егоров кэпсээтэ.
«London Book Fair» бу саас ыытыллыбыта уонна аан дойду үрдүнэн 130 кыттааччыны түмпүтэ. Эспердэр хамыыһыйалара «Бичик» кинигэ кыһата таһаарбыт «Төрүт дьарык» («Традиционное хозяйство») кинигэтин сериятын биир бастыҥ үөрэх пособиетын быһыытынан бэлиэтээбитэ.
«Бырайыагы олоххо киллэриигэ бэрт уһун кэм ааспыта, онтон кинигэ сериятын апробациялааһыҥҥа — биэс сыл. Исписэлиистэр бу «Төрүт дьарык» сериянан лондоннааҕы быыстапкаҕа кыттарбытытыгар этии киллэрбиттэрэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы экспердэр култуураны уонна төрөөбүт дойдуларын национальнай сыаннастарын өйөөбүт ааптардары хайҕаабыттара. Кырдьык биһиги кинигэ кыһатын быһыытынан норуоппут үгэстэрин харыстыырга уонна ону оҕолорбутугар тириэрдиигэ кыһаллабыт«, — диэн кэпсээтэ Август Егоров.
Бэс ыйын саҕаланыыта өссө биир суолталаах тэрээһин буолан ааста. «Бичик» кинигэ кыһата Бүтүн Россиятааҕы «Красная площадь» кинигэ бэстибээлигэр «Великолепие ювелирных украшений Якутии» альбомунан кытынна. Маны сэргэ «Животные Якутии» оҕолорго анаммыт энциклопедиянан XIII Бүтүн Россиятааҕы «Малая Родина» регионнааҕы уонна кыраайы үөрэтэр литература куонкурустарыгар кытынна.
Бэлиэтээн эттэххэ, Кыһыл болуоссакка буолбут бэстибээл кэмигэр сахалар үрүҥ көмүстэн оҥоһук көрдөрүүтүн тэрийбиттэрэ. Бу күн мустубут дьон кэргэн сүктэр кыыһы симиир-киэргэтэр, таҥыннарар сиэри-туому көрбүттэрэ.
Саха сирин кыылларын туһунан энциклопедияны оҥорууга хас да сыл ааспыт. Элбэх күүс информацияны уонна хаартысканы хомуйууга барбыт. Дьүүллүр хамыыһыйа кинигэ ис хоһоонун уонна тутулун, киэргэтиитин үрдүктүк сыаналаабыт уонна «Увлекательное краеведение» номинацияҕа кыайыыны биэрбит.
«Маннык энциклопедия ханна да суох. Атын регионтан коллегаларбыт олус сэргээбиттэрэ. Биһиги кинигэлэрбитин бэлиэтии көрбүттэригэр олус үөрэбит. Билигин өссө атын саҥа бырайыактарга ылсан үлэлиибит. Сатаннаҕына норуоттар икки ардыларынааҕы ырыынакка тахсыахпыт уонна аан дойдуга биһиги кыраайбыт кэрэтин уонна саха норуотун култууратын туһанан кэпсиэхпит, — диэн Август Васильевич санаатын эттэ.
This post was published on 16.06.2017 16:30 16:30