2021 сылга Саха сирин түөрт бибилэтиэкэлэрэ “Култуура” национальнай бырайыагынан федеральнай бүддьүөттэн 30 мөл. солкуобайы ылыахтара. Бу үбүнэн бибилэтиэкэлэри өрөмүөннүөхтэрэ, саҥа техника, миэбэл, кинигэ атыылаһыахтара. Бу туһунан «Ил Түмэн» хаһыата суруйар.
Бибилэтиэкэлэри саҥардыыга үбү 82 эрэгийиэн икки ардыгар буолбут куонкуруска кыайан ылбыттар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакы миэстэҕэ тахсан, маннык улахан үбү соҕотоҕун ылбыт субъегынан буолар. Иккис миэстэҕэ Магадан уобалаһа уонна Краснодар кыраайа тахсан, 25-тии мөл. солкуобайы ылбыттар. РФ култуураҕа министиэристибэтигэр Саха сириттэн киирбит докумуоннардаах сайаапка үрдүк хаачыстыбалааҕын бэлиэтээбиттэр. Кыайбыт бибилэтиэкэлэргэ докумуону толорорго СӨ национальнай бибилэтиэкэтин методистара көмөлөспүттэр.
Ханнык бибилэтиэкэлэр үп ылалларын туһунан СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистир Юрий Куприянов эппитин биэдэмэстибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, 10-нуу мөл. солк. Хаҥалас, Алдан улуустарын бибилэтиэкэлэрэ, 5-тии мөл. солкуобай Мииринэй оройуонун 9№-дээх, Бэрдьигэстээх оҕолорго бибилэтиэкэлэрэ ылыахтара. 2021 сылга бу бибилэтиэкэлэр өрөмүөннэниэхтэрэ, саҥардыллыахтара.
Маны таһынан быйыл 5-тии мөл. солкуобайы эмиэ “Култуура” нацбырайыак иһинэн Нам улууһун Хомустаах, Уус Алдан Бэйдиҥэ, Маган сэлиэнньэлэрин бибилэтиэкэлэрэ ылыахтара, быйыл бу тэрилтэлэргэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа.
This post was published on 03.08.2020 16:01 16:01