2017 сыл ахсынньы 8 күнүгэр «Тускул» култуура киинэ улахан тэрээһин буолан ааспыта. Онно Хатас нэһилиэгэр төрөөбүт-үөскээбит ааттаах-суоллаах улахан худуоһунньуктарбыт В.С. Карамзин, Ф.Г. Макаров, Дьокуускайдааҕы художественнай училищены үөрэнэн ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа уһуйуллубут эдэркээн дьоммут дипломнай үлэлэрин кытта нэһилиэкпитигэр олорор уруһуйдуон баҕалаахтар бастакы холонуулара уонна Хатастааҕы музыкальнай оскуола уруһуй кылааһыгар үөрэнээччилэр үлэлэрэ көрдөрүүгэ турбуттара. Элбэх киһи кыттыбыта, көрөөччү да баһаама.
Биһиги, култуура үлэһиттэрэ, дьону-сэргэни араас хайысханан интэриэһиргэтэн, умсугутан мунньар, түмэр үлэлээхпит. Манна баар идиэйэни, баҕа санааны сурукка-бичиккэ тиһэн, былааннаан-торумнаан ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба сайдарын туһугар диэн туһуланан тахсар үлэни Иванова Виктория Андреевна оҥорбута. Баҕа санаалаах дьон аҕыйаҕа суох буолан биэрбиттэрэ, инньэ гынан үлэ күөстүү оргуйбута. Манна Хатаспытыгар музыкальнай оскуолаҕа уруһуй кылааһа баара биһиэхэ күүс-көмө, тирэх буолбута – маҥнайгы дьарыктааччыларбыт, учууталларбыт бу оскуола выпускницалара Шелковникова Акулина Романовна (кэлин Строганов аатынан үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрбитэ), Ефремова Анна Анатольевна(кэлин ХИФУну бүтэрбитэ) этилэр. Олох хардыытынан, хаамыытынан кыргыттарбыт кэлэр-барар кэмнэригэр Андреева Дарья Прокопьевна киэһэтин үлэ кэнниттэн куораттан айаннаан кэлэ-кэлэ үөрэппитигэр махталбыт муҥура суох. Күн бүгүн бу түмсүү дьонун Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуйга уһуйааччыта Макарова Светлана Михайловна дьарыктыыр. Өссө дириҥ махталбыт куруутун өйүүр-өйдүүр киһибитигэр Макаров Федот Гаврильевичка буолар, диэн суруйда СИА-ҕа Наталья Руфова.
Түмсүү бу биэс сылга олус таһаарыылаахтык, үтүө түмүктээхтик үлэлээн кэллэ. Улуу киһи Алампа тылларынан эттэххэ:
Ахсаанынан элбэх
Араас тыллар
Аналларын булбакка
Аймана сылдьаллар…
Суомах суруктар
Суолталарын тобулбакка
Суураллан эрэллэр… — диир дьон ис дууһаларыгар туох баарын өҥ-дьүһүн көмөтүнэн этинэр түгэннэрэ манна буолбута.
Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба дьайар күүһэ кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһааччылары сырдыкка, үрдүккэ тиэрдэрин өйдөөн, түмсүү бастакы хардыыларыттан саҕалаан, баҕалаах дьону кытта ыкса ылсан үлэлэспитинэн барбыппыт. Талааны-дьоҕуру сайыннаран бэйэ ис эйгэтин кэҥэтии чөл турукка тиийии биир көрүҥэ буолар. Онон бу элбэх буккуурдаах-тэккиирдээх, чэпчэкитэ суох кэмҥэ элбэх киһини муҥкук санааттан босхолоноругар, холкутуйуу, сааһыланыы таһымыгар тиийэригэр көмөлөспүтэ чуолкай.
Сыаллаах-соруктаах үлэ түмүгүнэн түмсүүбүт дьоно Хатаспыт аатын Саха сирин ааһан Арассыыйа таһымыгар ааттаттылар. Хара маҥнайгыттан кимиилээхтик, тахсыылаахтык үлэлээн бу биэс сыл тухары ситиһии, кыайыы син да балачча баарыттан биһиги саҕалаабыт дьон сэмэйдик үөрэбит. Биэс сылбытын көрсө икки Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ баар буоллулар (Ефремов В.З, Попова Т.Д), уонунан ааҕыллар быыстапка туруоран – аҥардас “Үргэл” АРТ-Галереяҕа үстэ, Строительнай ырыынак кыһыл саалатыгар, “Симэх” галереяҕа уо.д.а, куонкурустарга, көрүүлэргэ кыттан, Хатаспыт аатын доргуччу ааттаттыбыт, Ефремовтар дьиэ кэргэн (тоҕус бииргэ төрөөбүттэр!) альбом таһаардылар. Өссө биир үөрүүлээх кэпсээммит “Тускул” КК уруһуйдьуттар үлэлэрин фондата баар буолла, о.э. бэлэхтэммит үлэлэр баар буоллулар.
Үбүлүөйдээх быыстапкаҕа оскуола оҕотуттан саҕалаан, сэттэ уонус хаардарын үктээбиккэ тиийэ дьон үлэлэрэ хомулунна уонна оруобуна биэс сыл анараа өттүгэр курдук ахсынньы аҕыс күнүгэр арылынна. Түгэни туһанан быыстапка иһигэр икки анал туһуламмыт быыстапкалар бааллар, худуоһунньук күнүгэр, Ийэ сылыгар анаммыт күрэх түмүк үлэлэрэ бааллар. Бу тэрээһиммитигэр биһигини бастакы хардыыларбытыттан арыаллыыр, сирдиир, ыйар-кэрдэр, сүбэлиир-амалыыр СӨ норуотун айымньытын дьиэтин сүрүн исписэлииһэ уопуттаах салайааччы, култуура бэриниилээх үлэһитэ, худуоһунньуктар айар сойуустарын чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна Слепцова Пелагея Николаевна уонна СӨ норуотун айымньытын дьиэтин сүрүн исписэлииһэ СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна Жиркова Ольга Ивановна кэлэннэр эҕэрдэлээн, наҕараадалары туттаран бардылар. Кинилэр өссө биир үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтилэр. СӨ норуотун айымньытын дьиэтэ ыыппыт култуура тэрилтэлэрин иһинэн үлэлиир айар-тутар холбоһуктар икки ардыларыгар буолбут күрэххэ “Тускул” КК иһинэн үлэлиир “Мы рисуем” холбоһук бастаабытын туһунан докумуону – диплому кытта өтөрүнэн бэчээккэ барбат эриэккэс, дэҥҥэ көстөр “Материальная и духовная культура народа саха” диэн кинигэни бэлэх ууннулар уонна түмсүүбүт бастыҥнарыгар Владимир Захровичка, Татьяна Дмитриевнаҕа, Полина Егоровнаҕа, Октябрина Афанасьевнаҕа Махтал сурук туттартаатылар.
Быыстапканы кэрийэн көрөн, дьону-сэргэни кытта көрсөн баран, Пелагея Николаевна маннык диэн сэһэргээтэ:
— “Тускуллар” “Мы рисуем” дьаһалы кулууп киэбинэн өрө тутан быыстапкалатан, биэс сыл иһигэр ситиһиилэрэ элбэх. Кинилэр бачча тухары нэдиэлэҕэ хаста да мустан үлэлээн итинник түмүккэ кэллилэр. Республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтин мероприятиеларыгар куруутун кытталлар, бу быйылгы кулууптары көрүү-куонкуруска республика иһинэн үлэлиир түмсүүлэртэн таһыччы үрдүк үлэлээхтэрин иһин, бастаатылар. Онон Сергей Семенов илии баттааһыннаах 1 степеннээх диплому туттулар. Бу буола турар быыстапка хайдах эрэ ис иһиттэн сырдык сыдьаайдаах истиҥ тыыннаах буолбут. Саҥа, сонун үлэлэр, саҥа ааттар баар буолбуттар, оҕолоргутун кытта олох бу курдук куруутун алтыһа сылдьаргыт үчүгэй. Үлэлэргит таһымнара үрдээбит. “Эргиллибэтэх эрэллэрим” хартыынаны хара саҕаланыаҕыттан билэр буоламмын бүгүн үөрэ көрдүм. Ааптар сүбэни ылыммыт, хартыына сиппит-хоппут. Екатерина Егорова үлэтэ (Эбээ мэтириэтэ) үөртэ. Истиҥ иэйии тыына баар, хартыына сүрдээх сылаас-сымнаҕас өйдөбүллээх. Марфа Мигалкина мэтириэттэрэ киһиэхэ настырыанньаны, сүргэ көтөҕүллүүтүн биэрэллэр. Хас биирдии геройун ис туругун арыйбыт, өҥ-дьүһүн дьүөрэтинэн таҥас-сап уратытын (чарааһын, халыҥын, солкотун уо.д.а) сүрдээх үчүгэйдик суруйбут. Аны акварель кыраасканан суруйара эмиэ биир уустук көрүҥ буоларын худуоһунньук эрэ барыта билэр. Марфа Петровна төрөппүт кыыһа Зоя Бережнева анал үөрэҕэ суох эбит эрээри, айылҕаттан бэриллибитинэн ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа олох чугас диэн сыаналаатым. Икки үлэтэ баар – биирэ куопуйа, биир кэпсээҥҥэ иллюстрация. Салгыы дьарыктаннаҕына, бырахпакка үлэлээтэҕинэ үтүөкэн үлэлэр кэлиэхтэрэ диэн санаатым. Быыстапка сүрдээх баай ис хоһоонноох, араас тиэмэлээх кылаас чаастарын, уус уран ааҕыылары ыытыахха сөптөөх – ийэҕэ анаммыт, улуу худуоһунньуктар тустарынан, олоҥхоҕо анаммыт, дойду олоҕун хардыылара, Сахабыт сирини айылҕата уо.д.а.
Быыстапканы үөрүүлээхтик аһыыга олохтоох дьаһалта болҕомто ууран, бириэмэ булан кэлэн түмсүүбүт көхтөөх дьонун Маргарита Кимовнаны, Виктория Андреевнаны, Ирина Алексеевнаны, Полина Захаровнаны эҕэрдэлээбиттэригэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт, диэн кэпсээтилэр “Тускул” КК үлэһиттэрэ.
Биэс сыл иһигэр харгыстары, мэһэйдэри туораан, үлэлээн-хамсаан кэлбиппитин сэһэргиир быыстапкаҕа көрөөччүнү күүтэллэр. Түгэнинэн туһанан куруутун үөрэ көрсөр, ыраас, сылаас дьиэлээх музей салайааччытыгар Баишев Петр Анатольевичка махталларын тиэрдэллэр.
This post was published on 09.12.2022 16:01 16:01