Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылынан Сунтаар нэһилиэгэр тиэргэни көрүү күрэх ыытыллар. Соторутааҕыта Бартыһаан, киин территорияларыгар олорор ыалларга сырыттыбыт.
Бастаан Василий Хаптасовка тиийдибит. Кини сүрүннээн оҕуруотун аһын көрдөрдө. Үүнээйини үүннэриигэ саҥа, ураты ньымалары туттарын туһунан кэпсээтэ. Гидропоника ньыматын үөрэтэн, билигин үүнээйитэ ситэн, сатаан үүннэриэххэ сөп эбит диэн түмүккэ кэлбит. Ол курдук, хортуоскатын буолатын отунан көмпүт, теплицатын буорун муоҕунан саппыт, уутун «капельнай полив» көмөтүнэн кутар. Түөрт уонча киилэ огурсуну атыылаабыт, отучча киилэни бэйэтэ сиэбит, уонча киилээни дьоҥҥо бэрсибит. Помидора виноград курдук үүнэн аҕай турар. Василий Николаевич теплицатыгар киирэн иһэн көрдөххө, ырааһа сүрдээх. Ханан даҕаны биир да буор, бадараан сытара көстүбэт.
Салгыы Андреева Анна Петровна дьиэтин таһын көрдүбүт. Анна Петровна сибэкки арааһын олордубут. Манна тупсаҕай киэргэтиини бэлиэтиэххэ сөп. Бассейҥа, чыычаах килиэккэтигэр, бэл диэтэр оллооҥҥо маарынныыр моһуоннаан сибэкки олордубут. Бу барыта уотунан-күөһүнэн киэргэтиилээх.
Оттон Галина уонна Юрий Поповтар тиэргэннэрэ бэйэтэ эмиэ туһунан остуоруйа дойдута. Тэлэбиисэргэ көстөр соҕуруу дойдулар саадтарынааҕар уратыта суох. Поповтар отучча сыл тополь, рябина, яблоня уо.д.а. мас арааһын үүннэрбиттэр. Уопсайа, 13 мас арааһа баар эбит. Яблоня икки көрүҥэ баар, икки сылынан астаныахтаах. Бу үлүгэр элбэх окко-маска кураан күннэр турдахтарына өрүстэн уу таһан куталлар. Хата, Юрий Михайлович тырахтарыыс идэлээх буолан буорун таһарга, уу баһарга улахан эрэйи көрсүбэттэр. Поповтар дьиэлэрин таһыттан 10 киилэлээх 8 биэдэрэ моонньоҕону хомуйаллара диэн хайдаҕый? Моонньоҕон эрэ буолбакка, хаптаҕас, ыт тиҥилэҕэ, дьэдьэн үүнэр.
Төрдүс ыалбыт Максимовтар дьиэ кэргэттэрэ. Наталья Ильинична тахсан тэлгэһэтин көрдөрдө. Быраҕылла сытар тимирдэри, массыына көлүөһэлэрин туһаҕа таһаараллар эбит. Эһэлэрэ Владимир Дмитриевич дьэрэкээн сибэкки иһиттэрин, оҕолор оонньуулларыгар араас хачыаллары, кирилиэстэри оҥорбут. Урукку улахан спутниковай тэриэлкэни умса тутан, араас өҥүнэн кырааскалаан зонтик оҥорбуттарара, хата, кимнээҕэр ордуктук, дьиҥнээх курдук көстөр.
Ватсапп ситимин нөҥүө күүлэйдии сылдьар Татьяна Пинчук тиэргэнин үгүспүт көрбүтэ буолуо. Илэ хараххынан көрдөххө өссө үчүгэй, кэрэ. Бу араас, ахсаана биллибэт элбэх, кэрэ сибэккилэринэн эрэ муҥурдаммат. Оҕуруотун аһа эмиэ аҕыйаҕа суох. Бу үлүгэр элбэх үүнээйини көрүүтэ-харайыыта, уутун кутуу элбэх сыраны, үлэни ирдиирэ чуолкай.
Сылдьыбыт ыалларбыт, бары тус-туһунан хайысхалаах, дьон кэрэхсэбилин ылар тиэргэннээх, «биһиги, сунтаардар, да сатыыр эбиппит ээ» диэн киһи киэн туттар дьоно эбит.