Аптаах алыптаах, сандаархай санаалаах, кэтэһэн — кэтэһэн кэрэхсэтэр аналлаах, күүтэн-күүтэн күндүргэтэр идэлээх саҥа дьыл түүнэ үүнэр ахсынньылыыр ый үлүһүйэн туран үлэлээбиттэргэ, астынан туран айбыттарга түмүк оҥорор күннэрэ саҕаланнылар. Ханна да иһиттэххэ ол көрүү түмүгэ, бу күрэх кыайыылааҕа диэн сурахтар субуллан олороллор. Хатастар эмиэ ол долгуҥҥа олорон, ол көххө кыттан кэпсиир сонуннаахпыт.
Үс төгүл үбүлүөйдээх, түөрт төгүл өрөгөйдөөх, үтүөкэн күннэрдээх, кэрэ кэмнэрдээх 2022 сыл устата барбыт киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн ыытыллыбыт «Наше наследие» диэн култуура араас хайысхатыгар бастыҥнары талан, ааттарын доргуччу дорҕоонноохтук ааттаан туран, үп-харчы өттүнэн көмө оҥорор күн ахсынньы ый 20 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин киэҥ уораҕайыгар буолан ааста. Бу күрэх сааскыттан олорор сирдэринэн саҕалаан, онтон улуустарынан, онтон бөлөх бөлөх улуустарынан, онтон Дьокуускай куоракка кэлэн түмүктүүр киэһэтэ буолла.
Онон көрөрбүт курдук үгүс элбэх араас таһымнаах көрүүнү ааһан, этэргэ дылы, буһан-хатан, ситэрэн-хоторон, тупсаран, баары-суоҕу тэбээн туран, үчүгэйтэн үчүгэйэ, бастыҥтан бастыҥа талыллан кэлбиттэриттэн муҥутаан кыайааччылар кэнсиэрдэригэр баара-суоҕа 14 нүөмэр талыллан ыҥырыллыбыта. Үөрүөхпүт, киэн туттуохпут туһугар Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин иһиттэн икки кэлэктиип ыҥырыллыбыттар: «Тускул» култуура киинин иһинэн үлэлиир Хатастааҕы норуот тыйаатыра, өрөсүссүөр Семенова Е.Е. уонна Кангалаастааҕы «Горняк» култуура кииниттэн «Русь» вокальнай ансаамбыл, салайааччы Кладковая Г.В.
Кэнсиэр буоларын быһыытынан норуодунай театрдар эмиэ да мучумааннаах боппуруоска ылларбыттара. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр сыалай улахан айымньы өйдөнүллэрин курдук быһа тардыыны талыахха наада этэ. Евдокия Ефимовна толкуйдаан – сүбэлэһэн баран, бу бэрт соторутааҕыта туруоруллубут («буруолуу сылдьар») С.А.Зверев суруйбут «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны ылбыта. Кинини кытта сэһэргэһиим маннык буолла.
— Бастатан туран эҕэрдэлиибин, үөрүүгүн үллэстэбин. Саас сааһынан сааһылаан кэпсээтэххэ хайдах этэй, хаһан этэй, кимнээх баалларай?
— Бастатан туран, хаһан баҕарар үлэлиирим тухары норуодунай театры олохтообут, үлэлэппит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэригэр «Тускул» КК дириэктэригэр Чепалова Людмила Михайловнаҕа, театр өрөсүссүөрүгэр Старкова Вера Никитичнаҕа махтанабын. Ааптардары кытта үлэ чэрчитинэн Д.Ф.Наумовы кытта ыкса сибээстээх үлэлэспитим. Ордук чугастык «Саллаат дьылҕата» диэн айымньытынан «Күн туһугар», Т.Сметаниҥҥа аналлаах «Эн этиҥ дии, төлөннөөх Түмэппий» (В.И.Калининская сценарийынан) диэн испэктээктэри туруорбуппун саныыбын. Мин ийэм өттүнэн олоҥхо дойдута Сунтаар улууһуттан силистээхпин – мутуктаахпын, онно улааппытым, сахалыы ырыа – тойук, төрүт үгэс, ытык ыһыах диэн өйдөбүлгэ иитиллибитим. Олоҥхону туруоруу биһиги кэлэктиип буһуу — хатыы, ситии — хотуу оскуолатын хайдах ааспытын тургутуута уонна биллэн туран улуу киһибитигэр С.Зверевкэ сүгүрүйүүбүт бэлиэтэ дии саныыбын.
Онон манна мин хаһан да соҕотох буолбатахпын, куруутун өйдүүр-өйүүр биир санаалахтарым, чугас дьонум, артыыстарым бааллар. Бу күрэххэ куораттааҕы түһүмэҕи ааһан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан маннык эппиэтинэстээх, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиҥҥэ, буолаары буолан, САССР 100 сылын көрсөр, Арассыыйа норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин сылын түмүк тэрээһинигэр биһиги аҥардас түмүк кэнсиэргэ киирбиппит даҕаны улахан чиэс дии санаабытым. Санаан көрүүй хайдахтаах курдук уопуттаах, ааттаах-суоллаах театрдары биир сиргэ түмсэн, кинилэри кытта күөн көрсүһүү туонатыгар киирбиппэр төһөлөөх долгуйбутум буолуой?! Бу түгэҥҥэ, бу кэмҥэ муҥура суох махталым артыыстарбар, бииргэ үлэлиир кэлэктииппэр. Бу иннигэр айымньы бу үрдүк сценаҕа ахсынньы ый 5 күнүгэр оонньоммут буолан артыыстар хас сырыы ахсын тубустар тупсан, турар-хаамар, хамсанар өттүгэр сыыһа-халты хамсаныы суох буолла. Аны түмүк күҥҥэ гала-кэнсиэргэ киирэн эппиэтинэһэ өссө үрдээн биэрбитигэр, артыыстарым барахсаттар өссө кыһаллан – мүһэллэн биэрдилэр, олох дьиҥ чахчы турукка дириҥник киирэн хас биирдии тылын дорҕоонугар тиийэ чуолкайдык саҥаран, хас биирдии хамсаныыны чочуйан, сэниэни, күүһү-уоҕу учуоттаан оонньоотулар. Уопсайынан норуот театрын биир уратыта биһиги артыыстарбыт норуот дьоно – ким биэкэр, ким оробуочай, ким устудьуон, ким учуутал уо.д.а. Үлэ-хамнас кэннэ кэлэн бэлэмнэнэн, түбүк быыһыгар тыл-өс үөрэтэн. Манна холобур быһыытынан Бүлүү улууһун дьоно – сэргэтэ туруорбут «Сыгый Кырынаастыыр» оператын ылынабыт. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ, талаан норуокка баар!
Хойукку оҕолорбут хоһуйар аналлаах хоһоон хонуутугар хоһууннук сылдьалларын, кэлэр кэнчээрилэрбит кэпсээн эйгэтин киэргэтэллэрин, кэнэҕэски сиэннэрбит сэһэн – сэппэн оҥостон ситиммитин салгыылларын туһугар олоҥхоҕо суруллубут тылбыт бараммат барҕа баайа олук буолара олохпут кыларыйан турар кырдьыга буоллаҕа. Ол да иһин буолуо олоҥхо туруутугар ис сүрэҕиттэн көмөлөспүт Олоҥхо тыйаатырын кэлэктиибин салайааччыта Мария Васильевна Турантаева испэктээги көрөн баран санаа үллэстиитигэр маннык диэн этэн турар:
– Бу дьыл балаҕан ыйыгар маҥнайгы көрсүһүүттэн саҕалаан, норуот матырыйаалынайа суох барҕа баайын норуот туруоруо диэн ис сүрэхпититтэн кыһаллыбыппыт. Олоҥхо — норуот баайа — дуола, иитиллэр эйгэтэ, баҕа санаатын этинэр айымньыта. Хатастар түмсүүлээхтэрин, дьиҥ сахалыы тыыннаахтарын көрдөрдүлэр. Өрөсүссүөр үлэтэ сүрдээх үчүгэй таба тайаныылардаах, ураты көрүүлэрдээх. Барыта биир тыынынан ааста. Аны да бииргэ үлэлэһэр, айар — тутар кэмнэрбит кэлэллэригэр эрэлбит улахан. Хас биирдии оруолу толорооччу кыһаллан – мүһэллэн өйгө-санааҕа хаалардыы оонньообута харахха быраҕыллар, ол испэктээги бүтүннүү тутан туран ылынарга биир сыалай хартыына буолан олоҥхону биир тыынынан көрдүбүт. Чахчыта да талаан-дьоҕур норуокка баарын чаҕылхай туоһута диэн сыаналаатыбыт. Ойуун уобараһа олус бэркэ арылынна, бу эйгэни этигэр-хааныгар иҥэриммит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит тыын баар, бухатыыр ата испэктээк биир саамай өрөгөй түгэнэ – анал үөрэхтээх, идэлээх, үҥкүүнү идэ, үлэ оҥостубут дьонтон атына суох таһымнаах уобараһы арыйда, оруолун ис тутулун сценаҕа баарын тухары тутта. Абааһылартан саамай уодьуганнаахтара, куһаҕаны күөттээччилэрэ көрдөххө күлүгүттэн да куттаныах курдук эрээри этэр тылын курдук үстүүрүкэ төбөлөөх эриэн үөнчэй Муус Субуйдаан буолан таҕыста. Бу оруол табыллыбыттарыттан биир чаҕылхайдара. Испэктээк биир саамайтан саамайа, чулууттан чулуута тыыннаах доҕуһуол баара буолла. Тыыннаах дорҕоон, тыл-өс, тыас – уус – манна сытар олоҥхо биир уратыта, улуута. Муусукааннарга Балдорж баарын көрөн үөрэ-махтана санаатыбыт. «Дорҕоон суола» испэктээк хардыытын – хаамыытын, үтүөнү – мөкүнү ылыныыга сирдьит, көмө буолан көрөөччү кэрэхсэбилин ылыан ылла.
— Евдокия Ефимовна, эн санааҕар бу ситиһии төрдө туохха сытарый?
— Маннык сыанабылы, өйөөһүнү ылар бастыҥ үлэлээх буолуу, биллэн турар, бу быйылгы сыл балаҕан ыйыттан саҕаламматаҕа. Бу биһиги хатастар уонунан сылларга «Олоҥхо — олохпут ситимэ» бырагырааманы ылынан, бары биир санааҕа кэлэн, түмсэн сомоҕолоһон, билии-көрүү, сатабыл эбинэн, оҥорор – тутар эйгэбитин кэҥэтэн, буһан – хатан, ситэн-хотон кэллибит дии саныыбын. Ол да иһин тэрилтэлэрбит, нэһилиэнньэ бары араҥата холбоһон ким тугу сатыырынан көмө, тирэх буолан таҕыстыбыт. Сатанар, табыллар буоллаҕына арыллыы-аһыллыы баар буолан иһэр эбит. Биллэн туран, олох барытын сатыыбыт, таһыммыт оччо, таһыммыт бачча диирбэр эрдэ эрээри, биири бигэтик өйдөөн, ылынан сылдьабыт – бииргэ буолартан бигэ санаа тирэх буолар, өйөбүл-өйдөбүл баар буоллаҕына ситиһии ситимнээх, кыайыы кынаттаах диэн.
Ити курдук Евдокия Ефимовна бэлиэтээн эппитигэр 100 бырыһыан сөбүлэһэн туран, өрөспүүбүлүкэбит салалтата норуот бараммат барҕа баайа култуура нэһилиэстибэтэ умнуллубакка билиҥҥи олох тэтимигэр, хардыытыгар киирэн төрүт дьоммут өркөн өйдөрө өтө көрүүлээҕин, этитиилээҕин өйдөөн улахан суолта биэрэн, болҕомто ууран анал бырагыраама бигэргэтиллэн уһун сыллардаах былааннар ылылланнар, үп-харчы көрүллүбүтүгэр махталбытын тиэрдэбит.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 22.12.2022 12:01 12:01