Олоҥхо дойдутунан аатырбыт Сунтаар улууһугар Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Духуобунас киинин бастакы сыбаайата муус устарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэриллиэхтээх. Бүтүн саха норуотун ааттаппыт чулуу киһилэрин аатын үйэтитэр санааттан, бу киин тутуллуутун туруорсубуттара быданнаата. Онон, сунтаардар, сотору кэминэн «биһиэхэ Кыыл Уолун аатынан Духуобунас кииннээхпит» диэн киэн тутта этиэхтэрэ. Улуус инники сайдыытын, үлэ былааннарын туһунан баһылыгы социальнай уонна имидж бэлиитикэтигэр солбуйааччы Ульяна Попованы көрсөн кэпсэттим.
Биир дойдулаахтарын кытары сибээстэрэ бөҕөргүүр
– Ульяна Дмитриевна, эн идэни баһылааһын хас биирдии үктэлин дабайбыт уопуттааххын. Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар хас сыллаахтан үлэлиигин?
– Оннук, син ыраатта. Аан бастаан 1997 сыллаахха Баайы-дуолу дьаһайар кэмитиэккэ сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлии киирбитим. Онтон кылаабынай буҕаалтырынан, экономика итиэннэ персоналы кытта үлэҕэ управлениелар салайааччыларынан үлэлээн баран, билигин улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччынан анаммытым.
– Социальнай эйгэ уонна имидж бэлиитикэтэ олох тус туһунан, бэйэлэригэр ханан да маарыннаабат эйгэлэр дии…
– Социальнай эйгэ бэйэтэ туспа улахан салаа буоларын быһыытынан, управлениелар, отделлар салайааччылара итиэннэ уопсастыбанньыктар, уопсастыбаннай түмсүүлэр күүс-көмө буолаллар. Улууска анал тус сыаллаах муниципальнай бырагырааманы үлэлэтэбит. Оттон имидж өттүн эттэххэ, миэхэ көмөлөһөөччүлэр элбэхтэр. Ол курдук, улуус баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Тимур Иванов, ону таһынан култуура управлениетын начаалынньыга Мария Кобельянова, «Саха» НКИХ Сунтаардааҕы филиалын салайааччыта Ольга Захарова илии-атах, күүс-көмө буолаллар. Сотору кэминэн Сунтаардааҕы «Долгун» радионы кытта дуогабардаһар уонна биһиги улууспутуттан төрүттээх суруналыыстары кытары үлэлэһэр былааннаахпыт. Улууска ыытыллар тэрээһиннэри, сонун саҕалааһыннары сырдатыахпыт. Уопсайынан, киэҥ хабааннаах үлэни ыытар соруктаахпыт.
– Ол чэрчитинэн Сунтаар улууһуттан төрүттээх суруналыыстары кытары көрсүспүккүтүн билэбин.
– Чопчу суруналыыстары эрэ кытта буолбакка, айар куттаах дьоммутун эмиэ ыҥыран, үлэ-хамнас, олох-дьаһах туһунан кэпсэттибит. Мин үлэм үгүс өттө сыыппараҕа, ахсааҥҥа, суокка-учуокка сыһыаннаах буолан, бэйэм элбэҕи биллим, туһанным диэххэ сөп. Саҥа дьоннуун билистим. Соторутааҕыта «Айар аартык» түмсүү уонна Сунтаартан төрүттээх суруйааччылар ыалдьыттаан бардылар. Сыл бүтүүтэ бастыҥ үлэлээх дьоммутугар грант олохтуохпут.
Улуус балаһыанньата лаппа тубуста
– «Социалкаҕа» төнүннэххэ, улуус социальнай-экономическай туругун хайдах сыаналыыгын? Сунтаар өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх нэһилиэнньэлээх улуустар ахсааннарыгар киирэр. Улууска төһө киһи олорор?
– Бүгүҥҥү туругунан, 23944 киһи олорор. Ааспыт сылга 447 оҕо күн сирин көрөн, 2014 сыллааҕар төрөөһүн ахсаана арыый да аҕыйаата. 8260 киһи үлэнэн хааччыллан олорор. Улуустааҕы Үлэлээх буолуу сулууспатыгар регистрацияламмытынан, 225 киһи үлэтэ суоҕунан биллэр. 7538 киһи биэнсийэлээх.
Мин көрүүбүнэн, улуус балаһыанньата лаппа уларыйда, тубуста да диэтэхпинэ алҕаһыам суоҕа. Билигин дьон хамнаһа, биэнсийэ, босуобуйа болдьоммут кэмигэр кэлэ турар. Ханнык баҕарар салааҕа тус сыаллаах бырагыраамаларынан үлэлиибит, ол курдук сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, хотоннору тутууга, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ, эдэр ыччаты олорор дьиэнэн хааччыйыыга уонна да атыттарынан.
“ Мин көрүүбүнэн, улуус балаһыанньата лаппа уларыйда, тубуста да диэтэхпинэ алҕаһыам суоҕа.
– Сунтаар улууһугар СӨ бырабыыталыстыбатын отчуотугар бара сырыттахпына, нэһилиэнньэ урукку курдук аһара суламматын, «онтубут суох, мантыбыт тиийбэт» диэбэт буолбуттарын бэлиэтии көрбүтүм. Ол аата быһыы-майгы уларыйдаҕа дии.
– Манна мин биири этиэм этэ. Нэһилиэктэр баһылыктара миэстэтигэр үлэни сөпкө аттаран ыыталлар. Олохтоохтору кытта бииргэ сүбэлэһэн туһааннаах боппуруостары миэстэтигэр быһаара сатыырга дьулуһаллар. Маны таһынан улуус баһылыга Анатолий Григорьев исписэлиистэри илдьэ нэһилиэктэринэн элбэхтик сылдьан, дьону кытта көрсөн, санааларын истэн, боппуруостары быһаарсаллар. Кырдьык, дьон өйө-санаата даҕаны уларыйда.
– Улуус бюджетыттан социальнай уонна имидж бэлиитикэтигэр төһө үп-харчы тыырыллар?
– Ити үөһэ этэн аһарбытым курдук, тус сыаллаах муниципальнай бырагыраамалар үлэлииллэр. Ол курдук «Социальная поддержка и семейная политика», «Профилактика правонарушений в Сунтарском улусе», «Безбарьерная среда» диэн хайысхаларга уопсайа 7 мөл. солк. көрүллэр. Итиэннэ спорт, эдэр ыччат бэлиитикэтигэр туспа бырагыраамалар үлэлииллэр. Оттон имидж бэлиитикэтигэр диэн анаан үбүлээһин көрүллүбэт.
Гражданскай көҕүлээһин сыла биллэриллибит
– Сунтаар улууһун өрө тардыыга, аатын-суолун тупсарыыга, нууччалыы эттэххэ, имиджин көтөҕүүгэ хайдах хабааннаахтык үлэлиигит? Быһата, бүтүн концепция оҥоһуллубут буолуохтаах.
– Нэһилиэнньэ өйүн-санаатын уһугуннарар сыалтан уонна патриотическай санааны көҕүлээн, быйыл улууспутугар Гражданскай көҕүлээһин сылын биллэрдибит. Бу сылы биллэрбиппитин нэһилиэнньэ ылынна. Үлэ былаана номнуо оҥоһулунна. Дьон араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан түөлбэлэринэн үлэ күүһүрдэ. Аҥардас бюджет эрэ харчытыгар эрэммэккэ, дьон дьиэлэрин толору хааччыллыылаах оҥорорго, нэһилиэк тас көстүүтэ тупсаҕай буоларыгар ылсан үлэлээн эрэллэр. Ити эрэ буолбатах. Холобур, 2015 сылга үчүгэй ситиһиилэрдээх спортсменнарга спорт бэтэрээнэ Иван Гаврильевич Архипов барыта 70 тыһ. солк. анал стипендиялары туттартаата.
“Нэһилиэнньэ өйүн-санаатын уһугуннарар сыалтан уонна патриотическай санааны көҕүлээн, быйыл улууспутугар Гражданскай көҕүлээһин сылын биллэрдибит.
— Ульяна Дмитриевна, Сунтаар өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх таас оскуолалардаах улууһунан биллэр. Холобур, иллэрээ сыллааҕыта Элгээйигэ тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах оскуола үлэҕэ киллэриллибитэ.
— Сүрүн болҕомтону оҕо саадтарын, балыыһалары, оскуолалары тутууга уурабыт. Былырыын Сунтаарга 80, Кутанаҕа 80, Уһун Күөлгэ 50 миэстэлээх оҕо саадтара тутуллан үлэҕэ киллэриллибиттэрэ. «Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматыгар олоҕуран, 24 уонна 16 кыбартыыралаах икки дьиэ тутуллубута. «Тыа сирин сайыннарыы» федеральнай тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн, 24 олорор дьиэ тутуллан, эдэр исписэлиистэрбитин хааччыйдыбыт. Судаарыстыба уонна чааһынайдар кыттыһан тутар эбийиэктэрэ элбиэҕэ. Итини сэргэ Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Духуобунас киинин тутуу саҕаланна. Билигин «Алмаасэргиэнбаан» нөҥүө чааһынай дьиэ тутуутугар кирэдьиит бэриллэн эрэр. Онон социальнай да, чааһынай да дьиэлэр тутуллуулара, сайдыы биир бэлиэтэ буолар.
Патриоттары өрө тутар
– Үлэҕэр тутуһар саамай сүрүн санааҥ?
– Ханнык баҕарар ылыммыт үлэбин тиһэҕэр тириэрдэрбин сөбүлүүбүн. Кыаллыбат, сатаныа суоҕа диэн ыһыктынан кэбиспэппин. Үлэҕэ хаачыстыбаны ирдиибин уонна ону тутуһабын.
– Киһиэхэ ханнык хаачыстыбатын ордороҕун?
– Чиэһинэй, үлэһит уонна бэйэтин төрөөбүт дойдутугар кыһанар, чэчирии сайдарыгар дууһатынан ыалдьар киһини өрө тутабын, кэрэхсиибин.
– Салайааччы киһиэхэ дьиэ кэргэнэ бигэ тирэх буолара саарбахтаммат. Чугас дьонуҥ, аймахтарыҥ, табаарыстарыҥ сүбэлэрин төһө ылынаҕын?
– Оннук. Чугас дьонум өйөбүлэ улахан. Бу дуоһунаска сыл курдук үлэлээтим. Оттон дьонум сүбэ биэрэр буоллахтарына махтана истэбин. Сөптөөх дии санаабыппын ылынабын.
«Саха сирэ» хаһыаттан.
This post was published on 19.02.2016 14:17 14:17