“Бэтэрээн ыра санаата” бырайыагы Уус Алдаҥҥа "Мүрү саһарҕата" хаһыат көҕүлүүр

Федеральнайдааҕы «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыакка Уус Алдан улууһун хаһыатын эрэдээксийэтэ кыттар. Кэлэктиип көҕүлээһининэн бастакы бачыым оҥоһулунна. Ыҥырыыны улуустааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников ылынан, сэрии бэтэрээнэ Василий Ананьевич Васильев, Николай Николаевич Иванов ыра санаалара олоххо киирэригэр  хас биирдиилэригэр 3000-түү тыһ солк анаата.


Уус Алдан улууһунааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ федеральнайдааҕы “Бэтэрээн ыра санаата” бырайыагы улууска бастакынан көҕүлээтэ. Кэлэктиип ыҥырыытын олохтоохтор өйүүллэрин биллэрдилэр.

Биир бастакынан ыҥырыыны улуустааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников өйөөтө: “Ааспыт сылга, төһө даҕаны пандемия усулуобуйата турдар, Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылынан былааҥҥа ылыллыбыт бары тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол эрээри, бу үбүлүөйүнэн тохтоон хаалбакка, биһиги бэтэрээннэрбитигэр болҕомтобут салҕаныахтаах. Күннэтэ аҕа саастаах дьоммут аҕыйаан иһэллэр, онон кэлэр көлүөнэҕэ кинилэр бойобуой суолларын, Улуу Кыайыыларын туһунан өйдөбүлү хаалларар ытык иэстээхпит.

Улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ федеральнай таһымҥа ыытылла турар “Бэтэрээн ыра санаата” бырайыагы кыттыһан ыытыахха диэн этиилээх киирбитин өйөөн, Тулуна бөһүөлэгэр олорор Василий Ананьевич Васильев, Найахыга олорор Николай Николаевич Иванов ыра санаалара олоххо киирэригэр үлэлэһиэҕиҥ диэн ыҥырабын».

“Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ бэтэрээннэри, кинилэр дьоннорун, оҕолорун кытары кэпсэтэн баран, бырайыак хаамыытын былааннаан олорор.

Иван Колодезников «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыак Уус Алдаҥҥа тэнийэригэр бастакы саҕалааччы буолар. Кини икки сэрии бэтэрээнин ыра санаалара туоларын туһугар хас биирдиилэригэр 3000-түү тыһыынча солкуобайы анал счеттарыгар угарын биллэрдэ. «Салгыы бырайыагы улуус, нэһилиэк дьокутааттарыгар ыытабын итиэннэ улууспут олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, эдэр ыччата бу бырайыакка кыттан, Ытык дьоммут баҕалара олоххо киирэригэр бэйэлэрин бачыымнарынан төһүү күүс буолуохтара, өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин”, — диэтэ кини.

Биһиги дьоруойдарбыт – ытык кырдьаҕастарбыт, сэрии бэтэрээннэрэ төһө да оҕолорун, сиэннэрин көрүүлэригэр киирдэллэр, бэйэлэрэ сүрэхтэригэр-быардарыгар, санааларыгар-оноолоругар илдьэ сылдьар ыра санаалаахтар. Ол ыра санаалара – дьиэлэрин-уоттарын тупсарыныы. Кырдьык, ханнык киһи кырдьар сааһыгар нус-хас толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олоруон баҕарбат буолуой?!

«Бырайыакка олоҕуран бэтэрээннэрбит тус бэйэлэрин ааттарыгар анал счет арылынна. Кинилэр баҕа санаалара туоларыгар бүттүүн көмөлөөн, бэйэбит кылааппытын киллэриэҕиҥ диэн «Бэтэрээн ыра санаата» бырайыакка кыттыһаргытыгар ыҥырабыт«, — диэн “Мүрү саһарҕата” хаһыат ыҥырар.

Уус Алдан улууһун олохтоохторо бүттүүн түмсэн, үтүө саҕалааһыны өйүөхтэрэ, бэтэрээннэрбит олохторо-дьаһахтара тупсарыгар кылааттарын киллэрсиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхтэр.

Бэтэрээннэргэ көмөнү «Россельхозбаан» 4353 0300 5888 1329 №-дээх каартатыгар хайа баҕарар баан каартатыттан ыытыахха сөп. Сиһилии 8-967-926-86-48 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

This post was published on 28.01.2021 15:57 15:57