Бэстээххэ сынньалаҥ пааркатын олохтоох уустар киэргэттилэр

Эдьигээн оройуонугар култуура тэрилтэлэрэ бырайыагынан торумнары оҥорон, ол быһыытынан тустаах үлэ барар. «Сарыал» кулууп үлэһиттэрэ уус талааннаах дьону түмэр, кинилэр дьарыктарын көрдөрөр туһуттан «Парк отдыха» диэн сонун бырайыак ылыммыттара. Ону олоххо киллэрэр сыаллаах быйыл сайын күүстээх үлэ ыытылынна.


Бэстээхтэр саҥа пааркаларын үөрүүлээхтик аһыы күнүгэр кэлэн, баҕа санаа маһыгар ыраларын эттилэр, араас өҥнөөх таҥас кырадаһыннарын баайдылар. Бу күн оскуолаҕа киирбит үс кырачааны эҕэрдэлээтилэр, кулууп аатыттан өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар.

«Кросс нации» Бүтүн Россиятааҕы акция иитинэн маассабай сүүрүүнү тэрийдилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын күнүнэн викторина, спортивнай күрэхтэри, концерт ыыттылар. Олохтоохтор биир дойдулаахтара илииилэрин сылааһын иҥэрбит кэрэ оҥоһуктарынан тупсарыллыбыт саҥа пааркаҕа дуоһуйа сынньаннылар.

— Пааркабыт сирэ кулууппут иннигэр турар. Манна Бэстээх саамай уус дьонун кытта дуогабардаһан киэргэтии тэриллэрин оҥоттордубут. Ол курдук, «Я люблю Бестях» диэн бөдөҥ суругу улахан буукубалары мастан быһан, кырааскалаан Афанасий Михайлович Николаев уонна Чемпоров Владимир Дмитриевич оҥордулар. Пааркаҕа киирии арканы Владимир Григорьевич Алексеев уустаан-ураннаан мастан кыһан киэргэтэн туруорда. Пааркабыт иһинэн уу барар кыраана ааһар, ону таһыттан холуодьас курдук моһуоннаан Андросов Михаил Семенович оҥордо. Итини сэргэ баҕа санаа маһын, лаампаны Хатаска сакаастаан оҥотторбуппут, онтубут уу суолунан аҕалыллыбыта. Оттон кырааскатын, баннердарынан киэргэтиини үлэ лааҕырын 10 оҕото сыралаахтык толордулар. Инньэ гынан сүрүн үлэлэр түмүктэнэн, Бэстээх нэһилиэгин күнүн бырааһынньыктааһын чэрчитинэн пааркабытын арыйдыбыт. Бөһүөлэкпит олохтоохторо сынньанар, араас бырааһынньыктарга түмсэр саамай көстүүлээх миэстэбит буолуоҕа. Уус дьоммут өссө да арааһы оҥорон ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ. Аны уотун тардыы, лаампалары туруоруу үлэтэ барыаҕа, — диэн кэпсээтэ «Сарыал» сынньалаҥ киин директора Наталья Холмогорова.

Ааптар: «Эдьигээн сонуннара» хаһыат, Эдьигээн улууһа.

This post was published on 02.10.2019 10:49 10:49