1945 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар. Бу 1941 сыллаахха саҕаламмыт Аҕа дойду улуу сэриитигэр олохторун толук уурартан да кэрэйбэккэ, Кыайыы туһугар хорсуннук турууласпыт саллааттарга анаммыта.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ: Аккредитация күнэ. Бу күнү араас табаардарга сэртипикээт иҥэрэр лабораториялар үлэлэрин таһымыгар болҕомто уураары ХНТ Генеральнай Ассамблеята олохтообута. Сыала-соруга: биирдэ тургутуллубут табаар аан дойду үрдүнэн билинниллиэхтээх, хос тургутууну ааһыа суохтаах.
- ХНТ — Архыыптар аан дойдутааҕы күннэрэ
- Уругвай — Соҕуруу Америка футболун күнэ[1]
- Бразилия — Бразилия Апостолун Жозе ди Аншиета күнэ
- Уганда — Дьоруойдар күннэрэ
- Иордания — Абдалла II хоруол бөрүстүөлгэ олорбут күнэ
- Аланд арыылара — Автономия күнэ
- Коралл Үс муннугун күнэ — Индонезия, Малайзия, Пилипиин, Папуа-Саҥа Гвинея, Соломон арыылара уонна Илин Тимор бэлиэтииллэр. Коралл Үс муннуга диэн экваторга Ииндийэ уонна Атлантика далайдарга сытар сүдү улахан уу
- Ла-Риоха — Ла-Риоха күнэ (Испания автономиялаах региона)
- Мурсия — Мурсия күнэ (Испания автономиялаах региона)
Түбэлтэлэр
- 1534 — Франция айанньыта Жак Картье Хотугу Америка кытылын чинчийэн Сиб. Лаврентий өрүһүн арыйбыт уонна бу сири «Канадалар дойдулара» диэн ааттаабыт.
- 1815 — Венатааҕы кэнгириэс түмүктэммит, манна Наполеон сэриилэрин кэннилэриттэн Европа дойдуларын ыккардыларыгар саҥа бэрээдэк олохтоммута.
- 1719 — Пётр I күбүөрүнэлэри провинцияларга уонна уйуостарга араарбыт.
- 1739 — Хотугу Муустаах далай кытылын чинчийбитинэн биллибит Харитон Лаптев Дьокуускайтан хоту аттаммыт.
- 1781 — Джордж Стефенсон (1781—12.08.1848) төрөөбүт, Англия айааччыта, бастакы паровозтартан биирдэстэрин туппут, бастакы уопсастыбаннай тимир суолу (Дарлингон — Стоктон) туттарбыт киһи.
- 1922 сыл бэс ыйын 9-10 күннэригэр Арҕаа Хаҥалас Төхтүрүгэр кыһыллар уонна үрүҥнэр ыккардыларыгар улахан суолталаах кыргыһыы буолбута.
- 1945 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар.
- 1948 — ЮНЕСКО эгидатынан Архыыптар аан дойддутааҕы сүбэлэрэ олохтоммут.
- 1986 — Михаил Горбачёв Венгрияҕа сылдьан «Демократияны элбэтиэххэ, социализмы элбэтиэххэ» диэн луоһуну эппит.
- 1994 — Казахстаан бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назарбаев киин куораты Алма-Атааттан Акмолаҕа көһөрбүт (сэбиэскэй кэмҥэ Целиноград, 1998 сылтан — Астана, 2019 сылтан — Нур-Султан).
- 1995 — Украина бэрэсидьиэнэ Леонид Кучма уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Черноморскай флоту араарар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- 2000 — Владимир Путин Чечняҕа быһаччы бэрэсидьиэн салайыытын киллэрбит.
- 2019 — Казахстааҥҥа уочарата суох бэрэсидьиэн быыбара буолбут, Касым-Жомарт Токаев кыайбыт.
Төрөөбүттэр
- 1661 — Фёдор III Алексеевич (1682 өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1676 сылтан).
- 1672 — Пётр I (1725 өлб.), нуучча ыраахтааҕыта (1682 сылтан).
- 1938 — Петр Ильяхов (09.06.1938—19.05.2004) — Абый Мугурдааҕар ойууннааһыны чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1945 — Прасковья Адамова — СӨ үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- 1971 — Александр Варламов — эбэҥки уос номоҥун чинчийэр учуонай, түмэт диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- 1870 — Чарльз Диккенс (1812 төр.), Англия суруйааччыта.
- 1968 — Эргис — Георгий Гермогенов (03.04.1908 төр.) — саха уһулуччулаах учуонайа, саха уос номоҕун хомуйааччы.
This post was published on 09.06.2021 09:01 09:01