Бэс ыйын 30 күнэ. Саха сиригэр сардаана сибэккини айхаллыыллар - Бикипиэдьийэ

Бүгүн Саха сиригэр — Сардаана сибэкки күнэ. 2012 сылтан бэс ыйын 30 күнүгэр бэлиэтэнэр. Сахаларга ураты суолталаах айылҕа көстүүтэ буолар. Өскөтүн ньургуһун күүстээх санааны туоһулуур буоллаҕына, сардаана кэрэҕэ тардыһыыны туоһулуур дииллэр. Номоххо кэпсэнэринэн, сири айбыт Таҥара дьолу дьоҥҥо биэрдин диэн, аалай уоту ыспыт. Онтуката  сардаана буолан тыллыбыт.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1736 — туурактар Азов кириэппэһи төгүрүктээһиннэрин тохтоппуттар. Куорат бүтэһиктээхтик Арассыыйа киэнэ буолбут.
  • 1859 — Франция акробата Шарль Блонден Ниагара күрүлгэнин быа устунан хааман туораабыт.
  • 1889 — Парижтааҕы эйэ кэмпириэнсийэтигэр Түмэннэр (парламеннар) сойуустара олохтоммут. Бу тэрилтэ билигин да үлэлиир.
  • 1905 — Альберт Эйнштейн «Хамсыыр эттиктэр электродинамикалара» диэн ыстатыйатыгар «специальная относительность» түөрүйэтин төрүттэрин быһаарбыт.
  • 1908 — Тоҥус метеоритын түһүүтэ диэн ааттаммыт билигин да ымпыга-чымпыга биллибэт дьикти түбэлтэ буолбут. Сүдү дэлби тэбии түмүгэр Алын Тунгуска үрэххэ 2150 км² сиргэ 80 мөлүйүөн мас сууллубут.
  • 1909 — В. Никифоров-Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» драматын бастакы туруоруута. Бу айымньы Бикитиэкэҕэ баар.
  • 1918 — Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт Иркутскайтан ыам ыйын 28 күнүгэр араҕан бэс ыйын 30 күнүгэр Дьокуускайтан чугас Табаҕаҕа тийэн кэлбитэ.
  • 1919 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
  • 1937 — Лондоҥҥа аан дойдуга бастакы суһал төлөпүөн нүөмэрэ олохтоммут.
  • 1942 — Отделение хамандыыра, хомсомуол, сержант диэн илии баттаабыт Дехтерев Егор Иванович «Дойдум иннигэр» диэн хоһоонноох суругун дойдутугар ыыппыт. Бу сурук Саха сирин архыыбыгар харалла сытар. Дехтерев кимэ, хантан төрүттээҕэ чуолкай биллибэт.
  • 1949 — сылгыһыттар Герасим Кривошапкиҥҥа уонна Тимофей Лукиҥҥа Социалистыы Үлэ Дьоруойа аат иҥэриллибит.
  • 1990 — Дьокуускай аэропордугар Москубаттан кэлбит Ил-62 көтөр-аал посадкатыгар моһуогуран көтөр балаһа таһыгар тахсыбыт уонна алдьаммыт. Саахал түмүгэр 6 киһи эчэйбит.
  • 1997 — Улуу Британия Гонг Конг куоратын 99 сыллаах арендата бүппүтүнэн сибээстээн Кытайга төттөрү биэрбит.
  • 2013 — Эгиипэккэ бэрэсидьиэн Мохамед Мурси утары өрө туруу саҕаламмыт, түмүгэр былааска олорбут баартыйа сууллубута.
  • 2017 — аатыра сылдьыбыт Ньурба улууһун баһылыга Варвара Петроваҕа аналлаах искибиэр төрөөбүт дойдутугар Үөдэйгэ аһыллыбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1916 — Саха АССР үтүөлээх артыыһа А. С. Слепцов төрөөбүт (өлбүт сыла 1992).
  • 1938 — Борис Попов, СӨ үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа социальнай билимин академига, Петровскай наука уонна искусство Академиятын чилиэнэ, Норуоттар ыккардыларынааҕы Үрдүкү оскуола академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, бөлүһүөпүйэ билимин дуоктара, профессор. ССРС суруйааччыларын сойууһун (билигин Норуоттар ыккардыларынааҕы суруйаачылар сойуустарын сообществота) уонна Арассыыйа суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ. Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
  • 1955 — Федот Тумусов — Саха сирин бэлиитигэ, Ил Түмэн уонна Госдума хас да ыҥырыыларын дьокутаата.
  • 1985 — Майкл ФелпсАХШ устууга спортсмена, уопсайа 28 Олимпия оонньууларын мэтээллэрдээх (рекорд), онтон 23-э — кыһыл көмүс (эмиэ рекорд).

Өлбүттэр

This post was published on 30.06.2021 08:54 08:54