Бэс ыйын 3 күнэ. Севастопольга буун - Бикипиэдьийэ

1830 сыллаахха бэс ыйын 3 күнүгэр Севастополь куоратыгар холера эпидемиятыттан сылтаан олохтоммут карантины утаран улахан буун буолбут, карантин көтүрүллүбүт. Ол эрээри 5 хонугунан бу куоракка аармыйа кэлэн бэрээдэги төттөрү олохтообут. Маннык бууннар Арассыыйа атын да куораттарыгар буолуталаабыттар.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1571 — Кырыым хаана Девлет I Гирей оччотооҕу кэминэн кыра ахсаннаах (40-ча тыһыынча киһилээх) сэриитэ Москубаны уоттаабыт. Сылтаҕа — Москуба уонна Вильно өр кэмҥэ түһээн төлөөбөтөхтөрө. Ыраахтааҕы Уордаах Уйбаан Ростовка күрээбитэ. Москубаны уоттаан баран хаан сэриилэрэ Рязань сирдэринэн төннүбүттэрэ. Араас сыанабылынан бу бохуот түмүгэр 60 — 150 тыһыынча киһи кулут буолбута, 10 — 120 тыһыынча нуучча өлбүтэ.
  • 1830 — Севастополь куоратыгар холера эпидемиятыттан сылтаан олохтоммут карантины утаран улахан буун буолбут, карантин көтүрүллүбүт. Ол эрээри 5 хонугунан бу куоракка аармыйа кэлэн бэрээдэги төттөрү олохтообут. Маннык бууннар Арассыыйа атын да куораттарыгар буолуталаабыттар.
  • 1839 — Кытайга Улуу Британия атыыһыттарыттан былдьаммыт 1,2 мөлүйүөн киилэ опиуму суох гыммыттар. Онтон сылтаан Улуу Британия Кытайга сэрии биллэрбит, устуоруйаҕа бы сэрии Опиум Бастакы сэриитэ диэн ааттаммыта. Бу сэриигэ Кытай кыайтарбыт, атын сайдыылаах дойдулартан «атаҕастаныы үйэтэ» саҕаламмыт.
  • 1896 — Москубаҕа Кытай уонна Арассыыйа импиэрийэтин бырабыыталыстыбалара кистэлэҥ дуогабар түһэрсибиттэр. Ол дуогабарынан Арассыыйа Кытайы Япония сэриилээтэҕинэ көмүскүөх буолбут уонна КВЖД диэн ааттаммыт тимир суолу Манчжурияҕа тутар быраабы ылбыт.
  • 1917 — Санкт-Петербурга Сэбиэттэр I Сийиэстэрэ буолбут. Манна 1090 дэлэгээт Арассыыйа араас муннуктарыттан кыттыбыта, хомуньуус-меньшевиктэр уонна эсердэр баһыйаллара. Сэрииттэн тахсар туһунан уонна 50-100 миллионеры тутан хаайар туһунан бассабыыктар этиилэрин ылымматахтара. Владимир Ленин бу балысхан хаамыылары салайар баартыйа биһиги бассабыыктар буолабыт диэбитин күлүү-элэк оҥостубуттара.
  • 1920 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуурга Сибревком боломуочунайынан анаммыт Максим Аммосов Саха сириттэн көскө ыытыллыбыт дьону түмэн, Исидор Ивановы (Бараховы)Степан Васильевы, о.д.а. кытта Дьокуускайга кэлбитэ. Бу үөрэхтээх уонна эрчимнээх дьон этилэр. Холобур, Ньурбаттан төрүттээх Степан Васильев Иркутскайга хомсомуолу тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ, Саха сиригэр хомсомуол бастакы тэрийэр мунньаҕын эмиэ кини оҥорбута.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Люфтваффе Париж куораты буомбалаабыт.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Дюнкерк аттынааҕы кыргыһыыга Германия кыайар.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Япония Алеут арыыларын ылаары Уналаска арыыны буомбалаабыт.
  • 1984 — Амритсарга баар сикхтар Көмүс храмнарын аттыгар Ииндийэ бырабыыталыстыбата «Күөх сулус» диэн ааттаах байыаннай эпэрээһийэ ыыппыт, ол түмүгэр 5000 кэриҥэ киһи өлбүт.
  • 1989 — Тяньаньмэнь болуоссакка сэттэ нэдиэлэ тухары барбыт бырачыаһы тохтотор соруктаах Кытай бырабыыталыстыбата сэбилэниилээх күүстэрин ыыппыт.
  • 1991 — Москубаҕа Михаил Горбачев салалталаах, 40-ча өрөспүүбүлүкэ салайааччылара кыттыылаах Федерация Сэбиэтин мунньаҕа буолбут. Уустук кэпсэтиигэ сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэлэр боломуочуйаларын ырытыспыттар.
  • 1992 — Австралияҕа суут төрүт омуктар сиргэ бырааптарын бигэргэтэр быһаарыы ылбыт. Сууту Эдди Мабо диэн киһи кыайбыт.
  • 2006 — Сербия уонна Черногория сойууһа Черногория тутулуга суох барыытынан суох буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 03.06.2021 09:01 09:01