Бэс ыйын 3 күнэ. Абыйга Эһэккэ ойуун, Аммаҕа бэйиэт Туйаарыскай төрөөбүт күннэрэ - Бикипиэдьийэ

Бэс ыйын 3 күнэ — Бэлисипиэт аан дойдутааҕы күнэ. Оттон Саха сиригэр 1879 сыллаахха «Абый улуу кырдьаҕаһа», «Эһэккэ» диэн аатынан биллэр ойуун Константин Чирков, 1915 сыллаахха Аммаҕа оҕо хоһоонньута, суруналыыс Константин Дьячковскай — Туйаарыскай төрөөбүттэр.


🔹1571 — Кырыым хаана Девлет I Гирей оччотооҕу кэминэн кыра ахсаннаах (40-ча тыһыынча киһилээх) сэриитэ Москубаны уоттаабыт. Сылтаҕа — Москуба уонна Вильно өр кэмҥэ түһээн төлөөбөтөхтөрө. Ыраахтааҕы Уордаах Уйбаан Ростовка күрээбитэ. Москубаны уоттаан баран хаан сэриилэрэ Рязань сирдэринэн төннүбүттэрэ. Араас сыанабылынан бу бохуот түмүгэр 60 — 150 тыһыынча киһи кулут буолбута, 10 — 120 тыһыынча нуучча өлбүтэ.

🔹1830 — Севастополь куоратыгар холера эпидемиятыттан сылтаан олохтоммут карантины утаран улахан буун буолбут, карантин көтүрүллүбүт. Ол эрээри 5 хонугунан бу куоракка аармыйа кэлэн бэрээдэги төттөрү олохтообут. Маннык бууннар Арассыыйа атын да куораттарыгар буолуталаабыттар.

🔹1839 — Кытайга Улуу Британия атыыһыттарыттан былдьаммыт 1,2 мөлүйүөн киилэ опиуму суох гыммыттар. Онтон сылтаан Улуу Британия Кытайга сэрии биллэрбит, устуоруйаҕа бы сэрии Опиум Бастакы сэриитэ диэн ааттаммыта. Бу сэриигэ Кытай кыайтарбыт, атын сайдыылаах дойдулартан «атаҕастаныы үйэтэ» саҕаламмыт.

🔹1896 — Москубаҕа Кытай уонна Арассыыйа импиэрийэтин бырабыыталыстыбалара кистэлэҥ дуогабар түһэрсибиттэр. Ол дуогабарынан Арассыыйа Кытайы Япония сэриилээтэҕинэ көмүскүөх буолбут уонна КВЖД диэн ааттаммыт тимир суолу Манчжурияҕа тутар быраабы ылбыт.

🔹1917 — Санкт-Петербурга Сэбиэттэр I Сийиэстэрэ буолбут. Манна 1090 дэлэгээт Арассыыйа араас муннуктарыттан кыттыбыта, хомуньуус-меньшевиктэр уонна эсердэр баһыйаллара. Сэрииттэн тахсар туһунан уонна 50-100 миллионеры тутан хаайар туһунан бассабыыктар этиилэрин ылымматахтара. Владимир Ленин бу балысхан хаамыылары салайар баартыйа биһиги бассабыыктар буолабыт диэбитин күлүү-элэк оҥостубуттара.

🔹1920 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуурга Сибревком боломуочунайынан анаммыт Максим Аммосов Саха сириттэн көскө ыытыллыбыт дьону түмэн, Исидор Ивановы (Бараховы), Степан Васильевы, о.д.а. кытта Дьокуускайга кэлбитэ. Бу үөрэхтээх уонна эрчимнээх дьон этилэр. Холобур, Ньурбаттан төрүттээх Степан Васильев Иркутскайга хомсомуолу тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ, Саха сиригэр хомсомуол бастакы тэрийэр мунньаҕын эмиэ кини оҥорбута.

🔹1991 — Москубаҕа Михаил Горбачев салалталаах, 40-ча өрөспүүбүлүкэ салайааччылара кыттыылаах Федерация Сэбиэтин мунньаҕа буолбут. Уустук кэпсэтиигэ сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэлэр боломуочуйаларын ырытыспыттар.

Төрөөбүттэр:

🔸1879 — «Абый улуу кырдьаҕаһа», «Эһэккэ» диэн ааттаабыт киһилэрэ ойуун Константин Чирков (1974 өлб.)

🔸1915 — Аммаҕа Константин Дьячковскай — Туйаарыскай (03.06.1915—20.03.1976) — оҕолорго анаан суруйбут бэйиэт, суруналыыс.

🔸1967 — Игорь Мясоедов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.

Өлбүттэр:

🔹1924 — XX үйэ сүрүн уус-уран суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Франц Кафка (1883 с.т.).

🔹1967 — Алексей Федоров (13.03.1902—03.06.1967) — саха норуодунай худуоһунньуга.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Дьячковскай_Константин_Николаевич_-_Туйаарыскай

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_3

https://sah.wikipedia.org/wiki/Мясоедов_Игорь_Васильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Франц_Кафка

https://sah.wikipedia.org/wiki/Чирков_Константин_Иванович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Степан_Васильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Федоров_Алексей_Васильевич

This post was published on 03.06.2020 09:01 09:01