9 Балаҕан ыйа 09.09
  • 11°
  • $ 89,82
  • 99,72

Бэс ыйын 27 күнэ. Столыпин аграрнай сокуоннара - Бикипиэдьийэ

09:01, 27 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1910 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр III Дуума Столыпин суруйбут аграрнай сокуоннарын бигэргэппит. Реформа сүрүнэ — бааһынайдар общиналартан көҥүл тахсыыларыгар быраап биэриитэ уонна үллэһиккэ тиксибит сирин бэйэтин тус билиитигэр сурунара. 


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1708 — Дьокуускайга Троица кафедралаах собуора тутуллубут. Манна 1859 сыл от ыйын 19 күнүгэр аан бастаан саха тылынан литургия оҥоһуллубут.
  • 1905 — АрассыыйаДьоппуон сэриитин кэмигэр хотторуулаах Цусима кыргыһыытын кэнниттэн Хара байҕалга «Потёмкин» броненосец хамаандата өрө турбут. Бу өрө туруу Бастакы Нуучча өрөбөлүүссүйэтин биир чаҕылхай түгэнэ буолар.
  • 1910 — III Дуума Столыпин суруйбут аграрнай сокуоннарын бигэргэппит.
  • 1918 — Иркутскайтан Дьокуускайга айаннаан иһэр Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах кыһыл этэрээт Өлүөхүмэ куоратын ылбыт.
  • 1929 — Сэбиэскэй бырабыыталыстыба үс сылтан ордук болдьохтоох хаайыылаахтары үлэ лааҕырдарыгар (ИТЛ) көһөрөр туһунан уураах таһаарбыт.
  • 1929 — Туурсуйа бэрэсидьиэнэ Мустафа Кемаль хомуньуус пропагандатын утары охсуһууну саҕалаабыт.
  • 1931 — Игорь Сикорскай АХШ-ка бастакы бөртөлүөккэ патент ылбыт.
  • 1936 — Сэбиэскэй Сойууска аборт бобуллубут. Бу бобуу 1955 сыл сэтинньитигэр суох буолбута.
  • 1941 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр оҕо хаһыата «Бэлэм буол» бүтэһик 277-с нүөмэрин таһаарбыта. Манан хаһыат үлэтэ тохтообута. Эрэдээктэрэ Дьүөгэ Ааныстыырап ити кэнниттэн сэриигэ барбыта. Кыргыһыы хонуутугар 1944 сыллаахха өлбүтэ. «Бэлэм буол» хаһыат 1959 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хат тахсар буолбута.
  • 1941 — Венгрия ССРС-ка сэриини биллэрбит.
  • 1942 — Кимэ-туга чуолкай биллибэт Ноговицын Иван Иванович диэн киһи суруга «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит. Онно Чурапчы оройуонун Сылаҥ нэһилиэгинээҕи Энгельс аатынан холкуос чилиэннэригэр эҕэрдэ ыыппыт. Тиихэй Акыйааннааҕы флокка сулууспалыырын эппит.
  • 1945 — Иосиф Сталиҥҥа ССРС Генералиссимуһун сыбаанньата иҥэриллибит.
  • 1967 — Англияҕа Энфилд куоратыгар аан дойдуга бастакы харчы биэрэр банкомат туруоруллубут.
  • 1968 — Чехословакияҕа «Литэрэтиирэ хаһыатыгар» «Икки тыһыынча тыл» диэн ааттаммыт ыҥырыы сурук тахсыбыт. Бу сурукка Чехословакия бары араҥаларын бэрэстэбиитэллэрэ илии баттаабыттар. Сурук ис хоһооно — дьиҥнээх демократияҕа түргэнник көһүү. Бу ыҥырыы «Прага сааһын» чыпчаал түгэнэ буолбута. ССРС уонна Варшавскай сөбүлэҥ атын дойдуларын салалталара Чехословакияттан «контрреволюцияны» күөттүүр уларытыылары сабарыгар модьуйбуттара.
  • 1981 — Кытай хомуньуус баартыйатын киин кэмитиэтэ Култуура өрөбөлүүссүйэтигэр Мао Цзэдун буруйдааҕын туһунан резолюция таһаарбыт.
  • 1997 — Таджикистааҥҥа гражданскай сэрии түмүктэммит.
  • 2011 — Ил Дархан Егор Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнүн сэтинньи 30 күнүгэр бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаабыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА