Бэс ыйын 25 күнэ — аан дойдуга моряктар бырааһынньыктыыллар. 1966 сыллаахха «Космос-122» бастакы сэбиэскэй метеоспутник таһаарыллар. Саха сиригэр 1931 сыллаахха Горнай улууһа тэриллибит. Дьааҥыга Орулҕан сиһин ойуулаабыт геолог Иван Атласов төрөөбүт күнэ.
🔹1678 — Падуя университетыгар Венецияттан төрүттээх Елена Корнаро-Пископия дьахталлартан бастакынан философия доктора (PhD) степенин ылбыт.
🔹1923 — Саха Сирин идэлээх сойуустарын бастакы сийиэстэрэ саҕаламмыт. 32 дэлэгээт кыттыбыт.
🔹1931 — Горнай улууһа тэриллибит.
🔹1946 — ССРС Норуоттар икки ардыларынааҕы футбол федерациятыгар киирбитэ.
🔹1950 — Хоту Кэриэйэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ саба түспүт, Кэриэйэ сэриитэ саҕаламмыт. Үс сыллаах сэрии кэнниттэн тупсуу дуогабарын түһэрсибиттэрэ эрээри, толору эйэ дуогабарын өссө даҕаны түһэрсэ иликтэр.
Төрөөбүттэр:
🔸1901 — Иван Атласов төрөөбүт, 1932 с. Дьааҥы баһыгар көмүс көрдүү сылдьан Орулҕан сиһин ойуулаабыт геолог, геология-минералогия билимин дуоктара.
🔸1915 — Петр Филиппов, прозаик, литература ырытааччыта. Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. 1966 сылтан ССРС Суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ (өлбүт сыла 1985).
🔸1938 — Дибаш Каинчин (Jыбаш Каинчин; 2012 өлб.) — аныгы алтаай литэрэтиирэтин бөдөҥ суруйааччыта.
🔸1953 — Егор Петров, СӨ Илин билимҥэ уонна техникаҕа бириэмийэтин лауреата, СӨ НА академига, техника билимин доктора.
Өлбүттэр:
🔹2005 — Суорун Омоллоон (Дмитрий Кононович Сивцев) (14.09.1906 төр.) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта.
🔹2009 — Майкл Джексон, аан дойду аатырбыт ырыаһыттарыттан биирдэстэрэ, АХШ артыыһа.
🔹2011 — Егор Неймохов (30.03.1950 төр.) — саха народнай суруйааччыта.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Неймохов_Егор_Петрович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_25
https://sah.wikipedia.org/wiki/Горнай_улууһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Каинчин_Дибаш_Борукович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Кэриэйэ_Демократ_Дьон_Өрөспүүбүлүкэтэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Кэриэйэ_сэриитэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Атласов_Иван_Паисьевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Филиппов_Петр_Иванович