Бэс ыйын 24 күнэ — 1945 сыллаахха Москубаҕа Кыайыы параада буолбута. Бу параадка Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта. Оттон 2020 сыллааҕы параадка Саха сириттэн түөрт киһи кыттара биллэр, ол иһигэр Сунтаар улууһуттан Денис Кырелов уонна Амма оройуонуттан Николай Петров, Мииринэйтэн Игорь Добровольскай уонна Ким Слепцов.
Бүгүн Чувааш Өрөспүүбүлүкэтин күнэ (чуваш. Чăваш Республикин кунĕ). 1920 сыллаахха бу күн Казань уонна Симбиирскэй күбүөрүнэлэр сорох сирдэриттэн Чувааш аптаныамыйалаах уобалаһа үөскэтиллэрин туһунан ВЦИК уонна СНК дэкириэттэрэ тахсыбыт, диэн суруйар Бикипиэдьийэ дьаһабыла Ньукулай Халан.
🔹1542 — Конкистадор Франсиско де Орельяна этэрээтэ Соҕуруу Америкаҕа улахан өрүһүнэн устан истэҕинэ кинилэргэ сэрииһит дьахталлар саба түспүттэр. Ол иһин бу өрүһү Амазонка диэн ааттаабыттар.
🔹1812 — Наполеон Улуу Аармыйата Неман өрүһүн туораан Арассыыйа Импиэрийэтин территориятыгар киирбит.
🔹1922 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ өрөпкүөмүн бэрэстээтэлэ П. А. Ойуунускай байыаннай хирург Иван Скрябины Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын сэбиэдиссэйинэн аныыр (кэлин Саха АССР доруобуйа харыстабылыгар бастакы наркома буолар). Бу Илин Хаҥалас Дьөппөнүттэн төрүттээх киһи Бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, ньиэмэс билиэнигэр сылдьыбыт киһи этэ.
🔹1925 — Алданзолото трест тэриллиитин туһунан СТО ССРС уурааҕа тахсыбыт.
🔹1945 сыллаахха Москубаҕа Кыайыы параада буолбута. Бу параадка Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта.
🔹1947 — Америка олохтооҕо Кеннет Арнольд «көтөр тэриэлкэни» көрбүт. Бу сонун киэҥник тарҕаммыт уонна НЛО-ҕа дьон кэрэхсэбилин тарпыт.
🔹1968 — Бастакы Манчаары оонньуулара Дьокуускайга саҕаламмыттар. Икки күн иһигэр атах оонньууларыгар, мас тардыһыытыгар, гиирэни анньыыга, хапсаҕайга уонна оҕунан ытыыга 12 улуустан 253 спортсмен кыттыбыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1827 — Попов Дмитриан, Саха сиригэр үлэлээбит аҕабыыт, тылбаасчыт, учуутал. Кини дьонуттан хаалбыт уонна биэс уонча сыл бэйэтэ суруйбут саха тылын быһаарыылаах тылдьытын Пекарскайга биэрбитэ. 1896 с. өлбүт.
🔸1948 — Аркадий Самойлов — композитор, Арассыыйа композитордарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
Өлбүттэр:
🔹2014 — Наталья Трапезникова, биллиилээх ырыаһыт, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_24
https://sah.wikipedia.org/wiki/Конкииста
https://sah.wikipedia.org/wiki/Наполеон_Бонапарт
https://sah.wikipedia.org/wiki/Скрябин_Иван_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_сириттэн_Кыайыы_параадын_кыттыылаахтара
https://sah.wikipedia.org/wiki/Манчаары_оонньуулара
https://sah.wikipedia.org/wiki/Самойлов_Аркадий_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Трапезникова_Наталья_Спиридоновна
This post was published on 24.06.2020 09:07 09:07