1927 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр Максим Аммосов салалталаах Саха АССР-ы чинчийэр хамыыһыйа уурааҕынан, Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын киин уопуту ыытар ыстаансыйа тэриллибит. Бу кэмтэн Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт устуоруйатын саҕалыыр.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрин судаарыстыбаннай сулууспатын күнэ
- Олимпиада аан дойдутааҕы күнэ. 1894 сыллаахха Парижка МОК олохтоммут.
- Огдооболор аан дойдутааҕы күннэрэ.
- Арассыыйа — Балалайка күнэ [1]
- Латвия — Лиго күнэ
- Люксембург — Улуу герцог Анри күнэ
- Испания — Сибэтиэй Хуан күнэ (24-с чыыһыла буолар түүнүгэр)
- Казахстан — Полиция күнэ [2].
- Молдавия — Суверенитет биллэриллибит күнэ [3]
- Украина — Судаарыстыбаннай сулууспа күнэ
- Эстония — Кыайыы күнэ
- Норвегия, Дания — Сибэтиэй Ханс күнэ [4]
Түбэлтэлэр
- 1724 — Арассыыйа импиэрийэтэ уонна Туурсуйа Константинопольга сөбүлэҥ түһэрсрибиттэр, Арассыыйаҕа Каспий хаалбыт, оттон Туурсуйаҕа — Тифлис уонна Эривань.
- 1757 — Плесси кыргыһыыта: 3000 киһилээх Британия Ост-Индиятааҕы хампаанньатын сэриитэ 50000 киһилээх Бенгалия сэриитин кыайбыт. Мантан ыла Улуу Британия Индияны баһылааһына саҕаламмыт.
- 1803 — Роберт Фултон Сена өрүскэ бастакы паарынан барар аалы көрдөрбүт.
- 1868 — Америкаҕа Кристофер Лэтем Шоулз бэчээттиир массыыҥканы айбыт. Кини сотору кэминэн түргэнник бэчээттииргэ табыгастаах QWERTY-клавиатураны айбыта.
- 1894 — Парижка Пьер де Кубертен саҕалааһынынан Аан дойдутааҕы Олимпиада кэмитиэтэ тэриллибит.
- 1927 — Максим Аммосов салалталаах Саха АССР-ы чинчийэр хамыыһыйа уурааҕынан Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын киин опытнай станцията тэриллибит. Мантан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт устуоруйатын саҕалыыр.
- 1938 — Москубаҕа «саха буржуазнай омугумсуйар өрөбөлүүссүйэни утарар подпольетын кыттыылааҕын быһыытынан» Серафим Потапов тутуллубута. Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Бу күннэргэ П. А. Ойуунускайы, Г. В. Ксенофонтову эмиэ туппуттара.
- 1944 — Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ «Багратион» диэн ааттаах эпэрээһийэни саҕалаабыттар, бу түмүгэр Белоруссия, Литва сорҕото уонна Польша илин өттө босхоломмуттара.
- 1978 — Кырыымҥа Муса Мамут диэн киһи былаас Кырыым татаардарын атаҕастыырын утаран бэйэтин умаппыт. Аҕыйах хонон баран балыыһаҕа өлбүт. Ол тухары кэмсиммэтин этэ сыппыт.
- 1990 — Молдавия Үрдүкү Сэбиэтэ суверенитет туһунан декларация ылбыт.
- 2016 — Британия олохтоохторо референдумҥа Европа Сойууһуттан тахсар туһунан куоластаабыттар.
Төрөөбүттэр
- 1889 — Анна Ахматова (Горенко), нуучча бэйиэтэ.
- 1897 — Данил Слепцов, Орто Халыма үөрэх салаатын бастакы сэбиэдиссэйэ.
- 1913 — Алан Тьюринг, Англия математига уонна көмпүүтэр ньыматыктарыгар учуонайа.
- 1938 — Валериан Васильев — саха графига, Саха Өрөспүүбүлүкэтин литэрэтиирэҕэ, ускуустубаҕа уонна архитектураҕа бириэмийэтин лауреата.
- 1954 — Иван Мигалкин, бэйиэт, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун бэрэстээтэлэ.
- 1980 — Виктория Яковлева — саха хоһоонун, бэйиэт Чаҕылҕан айар үлэтин чинчийэр учуонай, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- 1995 — Джонас Солк (1914 төр.), полиомиелиты утары быһыыны айбыт дьонтон биирдэстэрэ, вирусолог. Дьоно Польшаттан Нью-Йорка көспүт дьэбириэйдэр. Аҕата Даниил дьахтар бортунуойа буолан оҕолоро үчүгэй үөрэхтэнэллэрин хааччыйбыт.
This post was published on 23.06.2021 09:01 09:01