Бэс ыйын 23 күнэ. Пьер де Кубертен Олимпийскай оонньууларга этиитэ биһирэммитэ - Бикипиэдьийэ

Бэс ыйын 23 күнэ — аан дойдуга Олимпийскай күн (International Olympic Day) бэлиэтэнэр. 1944 Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр «Багратион» эпэрээссийэ саҕаланар. 1987 Москваҕа «Человек с бульвара Капуцинов» биллэр киинэ премьерата тахсар. Өссө бу күн балалайкаһыттар күннэрэ бэлиэтэнэр.


Бүгүн, бэс ыйын 23 күнүгэр, Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрин судаарыстыбаннай сулууспатын күнэ

🔹1757 — Плесси кыргыһыыта: 3000 киһилээх Британия Ост-Индиятааҕы хампаанньатын сэриитэ 50000 киһилээх Бенгалия сэриитин кыайбыт. Мантан ыла Улуу Британия Индияны баһылааһына саҕаламмыт.

🔹1868 — Америкаҕа Кристофер Лэтем Шоулз бэчээттиир массыыҥканы айбыт. Кини сотору кэминэн түргэнник бэчээттииргэ табыгастаах QWERTY-клавиатураны айбыта.

🔹1894 — Парижка Пьер де Кубертен саҕалааһынынан Аан дойдутааҕы Олимпиаада кэмитиэтэ тэриллибит.

🔹1938 — Москубаҕа «саха буржуазнай омугумсуйар өрөбөлүүссүйэни утарар подпольетын кыттыылааҕын быһыытынан» Серафим Потапов тутуллубута. Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Бу күннэргэ П. А. Ойуунускайы, Г. В. Ксенофонтову эмиэ туппуттара.

🔹1978 — Кырыымҥа Муса Мамут диэн киһи былаас кырыым татаардарын атаҕастыырын утаран бэйэтин умаппыт. Аҕыйах хонон баран балыыһаҕа өлбүт. Ол тухары кэмсиммэтин этэ сыппыт.

Төрөөбүттэр:

🔸1889 — Анна Ахматова (Горенко), нуучча бэйиэтэ төрөөбүт.

🔸1897 — Данил Слепцов, Орто Халыма үөрэх салаатын бастакы сэбиэдиссэйэ.

🔸1913 — Алан Тьюринг, Англия математига уонна көмпүүтэр ньыматыктарыгар учуонайа.

🔸1938 — Валериан Васильев — саха графига, Саха Өрөспүүбүлүкэтин литэрэтиирэҕэ, ускуустубаҕа уонна архитектураҕа бириэмийэтин лауреата.

🔸1954 — Иван Мигалкин, бэйиэт, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун бэрэстээтэлэ.

🔸1980 — Виктория Яковлева — саха хоһоонун, бэйиэт Чаҕылҕан айар үлэтин чинчийэр учуонай, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр:

🔹1995 — Джонас Солк (1914 төр.), полиомиелиты утары быһыыны айбыт дьонтон биирдэстэрэ, вирусолог. Дьоно Польшаттан Нью-Йорка көспүт дьэбириэйдэр. Аҕата Даниил дьахтар бортунуойа буолан оҕолоро үчүгэй үөрэхтэнэллэрин хааччыйбыт.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Валериан_Романович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_23

https://sah.wikipedia.org/wiki/Яковлева_Виктория_Дмитриевна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Потапов_Серафим_Георгиевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Мамут,_Муса

https://sah.wikipedia.org/wiki/Мигалкин_Иван_Васильевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Слепцов_Данил_Степанович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Анна_Ахматова

https://sah.wikipedia.org/wiki/Попов_Дмитриан

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ииндийэ

This post was published on 23.06.2020 09:01 09:01