Бэс ыйын 22 күнэ. Арассыыйаҕа кутурҕан күнэ - Бикипиэдьийэ

Бэс ыйын 22 күнэ — Арассыыйаҕа кутурҕан күнэ. 1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Львов аттынааҕы Скнилов байыаннай аэродромы сарсыарда 4 чааска буомбалааһыҥҥа связист Феодосий Донской баара. 1942 сыллаахха бэйиэт, учуутал Бүөтүр Тобуруокап Туобуйаттан 42 киһини аармыйаҕа анаан хомуйан киирбит. Бу сыл олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов — Ноорой сэриигэ барбыт.


🔹1929 — Нагаево буухтатын кытылыгар Илиҥҥи Эбээн культбазатын олорор дьиэлэрин, оскуолатын, бэтэринээр пуунун, балыыһатын уонна интэринээтин тутуу саҕаламмыта. Кэлин бу культбаза Магадаан куорат буолбута.

🔹1941 — Фашистыы Германия Сэбиэскэй Сойууска сэриинэн саба түспүт.

🔹1941 — Львов аттынааҕы Скнилов байыаннай аэродромы сарсыарда 4 чааска буомбалааһыҥҥа связист Феодосий Донской түбэспитэ. 1945 сыллаахха Рейхстаг эркинигэр хаалларбыт суруга хаартыскаҕа баар. Кэлин социолог учуонай буолбута.

🔹1942 — бэйиэт, учуутал Бүөтүр Тобуруокап Туобуйаттан 42 киһини аармыйаҕа анаан хомуйан киирбит уонна ол дьонун кытта бэс ыйын 22 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.

🔹1942 — олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов — Ноорой (08.05.1897—1975) 44 сааһыгар сэриигэ барбыт. Хаста да бааһыран тыыннаах төннүбүтэ.

🔹1943 — Николай Илларионов фронтан дьонугар суруйбут суругар сулууспалаабытым 1 сыл буолла диэбит. Бу Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээх киһи өссө 6 бииргэ төрөөбүтэ сэриигэ сылдьыбыта. Бэйэтэ төннүбэтэҕэ. Төрөппүттэрэ (уонна 11 бииргэ төрөөбүт оҕоттон кыралара буолуо) Чурапчы холкуостарын күүһүнэн хоту көһөрүллүүтүгэр түбэспиттэрэ.

Төрөөбүттэр:

🔸1908 — норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, педагогика билимин хандьыдаата, доцент Панкратий Шадрин. (1986 өлб.)

🔸1933 — Прокопий Ефремов (20.01.1992 өлб.) — саха уос номоҕун чинчийээччитэ, дулгаан уос номохторун хомуйбут тарбахха баттанар дьонтон биирдэстэрэ.

🔸1941 — Павел Харитонов — Ойуку — норуот суруйааччыта, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыба бириэмийэтин лауреата, бэйиэт, прозаик, литэрэтиирэ кириитигэ, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, түмэт диэйэтэлэ.

🔸1952 — Саргылана Баишева — экономика билимин хандьыдаата, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

🔸1977 — Иван Белолюбскай — СӨ спорт төрүт көрүҥнэригэр бочуоттаах маастар, мас-рестлиҥҥэ СӨ уонна Россия спордун маастара, мадьыны, Дыгын оонньууларын 7 төгүллээх кыайыылааҕа.

🔸1987 — Ирина Платонова, дьахталларга 100 харахтаах дуобакка Россия (Уфа) уонна Европа студенкаларын (Польша) ортотугар чемпионка, дьахталларга Европа үрүҥ көмүс призера (Стокгольм), Голландияҕа ыытыллыбыт икки НИАТ кыайыылааҕа. 2003 сыллаахха дьахталларга Арассыыйа чемпиона.

Өлбүттэр:

🔹1931 — Алтан Сарын — Гавриил Баишев — саха суруйааччыта уонна ытл үөрэхтээҕэ, саха тылыгар уларытыылары киллэрэргэ элбэхтик үлэлээбит XX үйэ саҕаланыытыгар биллибит киһи. 1930 сыл муус устарыгар тройка суутунан 3 сылга болдьохтоон күлүүс хаайыытыгар, ол кэнниттэн Саха Сириттэн төһө кыалларынан ыраах, үлэнэн көннөрүллэр лааҕырга барарга уураахтаммыта.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Белолюбскай_Иван_Прокопьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_22

https://sah.wikipedia.org/wiki/Баишева_Саргылана_Макаровна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ефремов_Прокопий_Елисеевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Платонова_Ирина_Дмитриевна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Магадаан

https://sah.wikipedia.org/wiki/Илларионов_Николай_Афанасьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Алтан_Сарын

https://sah.wikipedia.org/wiki/Степанов_Николай_Иванович_-_Ноорой

https://sah.wikipedia.org/wiki/Михайлов_Иннокентий_Николаевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Донской_Феодосий_Семенович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Павел_Харитонов_-_Ойуку

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бүөтүр_Тобуруокап

https://sah.wikipedia.org/wiki/Аҕа_дойду_Улуу_сэриитэ

This post was published on 22.06.2020 09:05 09:05