Бэс ыйын 21 күнэ - Ыһыах

Бэс ыйа Улуу тунах ыйа, алгыстаах кэм. Айыылар Орто дойдуга хаһааҥҥытааҕар да чугаһыыллар. Бу ый былаһын тухары ыһыахтар буолаллар. Ыһыахтар Айыылартан алгыс ыларга анаан оҥоһуллаллар.


Бэс ыйыгар сайын хайдах буолуон, сотору ардыан дуу, суоҕун дуу быһаараллар. Сайын хайдах буолуон от-мас үүнэринэн, үөнүнэн, кыылынан,  этиҥинэн билгэлииллэр. Бэс ыйын сүрүн самыыра — анды кэлэр самыыра.

Бэс ыйыгар Айыы аартыга аһыллар, алгыс көтөҕүллэр. Алгыһы ыраас тыыннаах, сырдык санаалаах киһи — Үрүҥ ойуун анаан-минээн, сиэри ситэрэн, туому толорон туран этэр.

Ыһыах өйдөбүлэ уонна суолтата, ыһыаҕы тэрийии.

Ыһыах — бу үрдүк айыыларга уонна сир-дойду иччилэригэр үҥүү, сүгүрүйүү, көрдөһүү буолар. Кыстыкпытын этэҥҥэ туораан, от-мас көҕөрөн, айылҕабыт уһуктан, айыыларага анаан, сиэри-туому толоруу буолар.

Билиҥҥи кэмҥэ сиэри-туому тутуһуу, култуурабытын сөргүтүү, сайыннарыы, кымыс ыһан ыһыах ыһыы.

Ыһыах күнү көрсүү сиэриттэн-туомуттан саҕаланар.

Күнү көрсүү сиэригэр-туомугар дьон биир өйгө-санааҕа киирэн, айылҕаны кытта алтыһар. Ыраас санаанан сахалыы таҥас таҥнан түһүлгэҕэ киирэллэр.

Сиэр-туом саҕаланыан иннинэ тоҕус түптэни уматан түһүлгэги ыраастыыллар. Түһүлгэ хаҥас өттүгэр сахалыы таҥастаах дьахталлар, уҥа өттүттэн сахалыы таҥастаах эр дьон киирэллэр. Бары илин диэки хайыһаллар.

Алгысчыт сүрүн күүһү ылар. Таҥаһа — үрүҥ сылгы тириититтэн сонноох, үрүҥ сылгы хараҕын анныттан сиһигэр диэри сиэллээх сүлүллүбүт сылгы төбөтүн бэргэһэ курдук кэтэр. Атаҕар үрүҥ сылгы тыһыттан тигиллибит этэрбэстээх.

Алгысчыт тоҕус уол, аҕыс кыыс арыалдьыттардаах. Бары үрүҥ таҥастаахтар, уолаттар  илиилэригэр дэйбиирдээхтэр, кырыгыттар хатыҥ лабаалаахтар.

Сиэр-туом саҕаланыытыгар дьону болҕомтоҕо тардан наҕыл сахалыы музыканы тыаһатыы. Алгысчыт арыалдьыттарын кытта битийэн киирэллэр, дэйбиирдэринэн, лабааларынан үөһэ уунунан далбаатыы-далбаатыы. Битийэн хомултаҥҥа кэлэллэр. Кыргыттар кыталыктыы кыҥкынаһа-кыҥкынаһа дьахталлар турар сирдэригэр тиийэн, илин диэки хайыһан турунан кэбиһэллэр. Алгысчыт хомултаҥҥа кэлэн сөһүргэстээн олорор. Уолаттар сылгылыы кистии-кистии, тыбыыра-тыбыыра ат хамсаныыларын үтүктэллэр. «Күрүө Дьөһөгөй, эн төлкөлөөбүт оҕолоруҥ өссө хойдон истиннэр, дьолбут күнэ сандаардын, дьолло биэр!» — диэн. Уолаттар хомултаны тула олороллор, алгысчыт айыыларга сүгүрүйэн алгыс этэр:

Айхал! Айыллыатым!

Айыллыатым намалса!

Аҕыс салаалаах

Ача күөх оту,

Аалай куйаас

Түстэҕин аайы

Айан биэрэ олорор

Аан дойду айыыһыттара,

Ийэ дойдум иччилэрэ,

Сир, түннүктэрэ,

Улуу кырдьаҕастар!

Икки атахтааҕы

Сылааһынан имэрийэҥҥит,

Көхсүгүт сылааһынан угуттааҥҥыт

Дьоллоох олоххо үктэттигит!

Тыынарга сылаас тыыннаах,

Үктэнэргэ үкэр оттоох,

Күөх, налыы ходуһалаах,

Сирим-дойдум барахсан!….

Айах тутан аһатаары айгыстан эрэбин…

Аал уотум иччитэ

Бырдьа бытык,

Дьаҕыллаах дьабадьы,

Чүүччү кыламан,

Саалыр чанчык

Хатан Тэмиэрийэ,

Бэттэх көрөн

Мичик гын!

Антах көрөн

Күлүм аллай!

Умай, умай,

Һук! Һук! (58 с).

Алгысчыт аал уотун оттор. Арыалдьыт уолаттар, холумтаны тула эргийэ сылдьан «Умай, умай! Һук! Һук! Аал уот умай, умай, Һук! Һук! » — дииллэр. Илиилэринэн умайа турар уот диэки ууналлар. Алгыс салгыы барар:

Аҕыс иилээх-саҕалаах,

Атааннаах-мөҥүөннээх,

Айгыр силик

Аан ийэ дойду

Айылгылаах арылы далбарыгар,

Кэскиллээх киэҥ киэлитигэр

Айыллан үскээбит

Арҕаһыттан тэһииннээх,

Аһыныгас санаалаах

Айыы Дьөһөгөй аймаҕа,

Орто улуу дойду

Уруйдаах уорҕатыгар

Олохсуйан үөскээбит,

Көхсүттэн тэһииннээх

Көмүскэстээх санаалаах

Күн өркөн дьонноро,…..

Ыралаах ыһыаҕы тэрийдибит,

Төлкөлөөх түһүлгэни тоҕуоруттубут!

Тоҕус уолан дьонунан,

Аҕыс кыыс дьахтарынан

Арыаллатан кэлэммит

Албар-далбар ааккытыгар

Ардахтаах ас үрдүн

Дьоһуннаан тосхойор

Күммүт үүннэ,

Айах тутар

Күммүт буолла,

Аал уот нөҥүө айах тутан

Аһатан эрэбит!

Күөх уот нөҥүө күндүлээн эрэбит

Уруй-айхал! (59 с).

Алгысчыт эбир хамыйаҕынан кымыһы ыһар. Дьон бары – Уруй-айхал! — дииллэр.

Алгысчыт үрүҥ сылгы сиэлин уотугар биэрэр, онтон алаадьынан, саламаатынан күндүлүүр. Ол кэнниттэн илин, соҕуруу, арҕаа, хоту хайыһа-хайыһа, эбир хамыйаҕынан чороонтон кымыһы баһан ылан ыһан күдээритэр.  Дьон бары «Тускуо!» – диир. Салгыы алгысчыт алгыс этэр… (60 с)

Боһол тойон,

Ардахтаах ас үрдүн анаатыбыт,

Аал уотунан аһаттыбыт,

Күөх уотунан күндүлээтибит.

Алгысчыт эбир хамыйаҕынан кымыһы баһан ылан уокка үстэ ыһар — «Уруй-тускуо! » — диир Аал уотугар сиэл, алаадьы, саламаат биэрэр. Дьон бары – Уруй-айхал! — дииллэр.

Ол кэнниттэн «Кыталык үҥкүүтэ» ис хоһооно «Үөһэ үрдүк айыылар, үөрүү өрөгөйүн үллэстиҥ, дьолло тосхойуҥ, үөрүүтэ аҕалыҥ!» — диэн. Онтон уолаттар хоннохторун анныттан ылсан, тобуктарын үөһэ тардан, ыстаҥалаан «Үөрүү үҥкүүтүн» толороллор.

Дьахталлар быыстарыттан кыргыттар, эр дьон быыстарыттан уолаттар тахсан «төрүттүүр төрүт түөлбэҕэ» хааман тиийэн, кымыстаах чорооннору ылан, өрө көтөҕөллөр уонна түһүлгэ дьонугар илдьэллэр.  Кымыс иһиитэ саҕаланар.

Кыталык үҥкүүтүн кэнниттэн, уолаттар хомултан  икки ойоҕоһугар туран «Бэдьэрэҥ үҥкүүтүн» толороллор.

Һы-һы-һы-һуук,

Һы-һы-һы-һуук,

Һы-һы-һы-һуук,

Дьол соргу улааттын,

Дьол олоҕо тубустун,

Уруй-Тускуо!

Уруй-Тускуо!

Һы-һы-һы-һуук,

Һы-һы-һы-һуук,

Һы-һы-һы-һуук!

Бу кэмҥэ ыраахтан намыын куоластаах кыыс ыллыыра иһиллэр. Ырыа бүтэн эрдэҕинэ алгысчыт икки илиитин күн диэки уунар.

Сандал маҥан күммүт

Сандаарыччы тыкта,

Ыраас үрүҥ күммүт

Ымайа күллэ!

Ача күөх оту

Аламай куйаас

Түстэҕин аайы,

Айан биэрэ олорор

Аан дойду айыыһыттарыгар

Айхал буолуохтун!…. (62 с)

Дьон бары «Уруй!» дииллэр.

Алгысчыт ыллыыр:

Сир ийэ дойдум!

Эн кэрэ ньуургар

Санаабыт курдук,

Сандал маҥан күммүт

Сандаарыччы тыкпытын,

Үөрбүт-көппүт дьоҥҥор

Уруйдаан, тускулаан кулу даа!

Сыспай сиэллээхпитигэр,

Хороҕор муостаахпытыгар,

Хойуу быйаҥ отунан

Ходуһа муҥунан

Хойуннар даа! (62 с)….

Ичигэс тыынннах

Ийэ дойдуга

Илгэлээх эркиннээх

Эҥин дьикти сибэккилээх

Ибир самыыр буолан

Илгэлээхтии турдун!

Уруй!

Дьон бары «Уруй!» дииллэр. Онтон аарка таһыгар турар үс кыыс, үс уол «Уруй!» дии-дии, кымыһынан сир-дойду иччилэрин аһаталлар, ол кэнниттэн ытык сэргэҕэ кэлэн күн эргииринэн кулунчуктарга кымыс ыһаллар. Алгысчыт уокка алаадьы, саламаат биэрэр.

Дьон оргууй, илиилэрин өрө көтөҕөн тобуктарын токурутан бокулдьуһан бараллар. Уолу үтүктэллэр.

Үрүҥ, үрүҥ

Күммүт, күммүт

Сылытта, сылытта,

Бууйа, бууйа, һу-һа! (үс төгүл).

Дьолбут, дьолбут

Күнэ, күнэ

Үүннэ, үүннэ

Бууйа, бууйа, һу-һа!

Онтон оһуокай – кыыс таһаарар.

Оһуон-оһуон-оһуокай,

Эһиэн-эһиэн-эһиэкэй!

Чэйиҥ эрэ, сэгэрдэр,

Үкэр күөх окко

Сэгилдьиччи  соҕустук,

Ойон тахсар күммүтүн

Уруйдуоҕуҥ, оҕолоор!

Оһуон-оһуон-оһуокай,

Эһиэн-эһиэн-эһиэкэй!

ОҺуокай кэнниттэн, аттаах хаҥас аанынан кыыс, уҥа аанынан уол симэхтээх аттары миинэн киирэллэр. Икки уол көрсөн аттарын тэһииннэрин туталлар. Аттарыттан түһэн хомултаҥҥа кэлэн сүгүрүйэн баран кыыс туойар:

Дьээ-буо!

Аҕыс иилээх-саҕалаах

Аан Ийэ дойдубут,

Аналлаах чопчута

Аламай маҥан күммүт

Аралыйа тыкпыта кэрэтиэн,

Ийэ сирим дьонноро,

Кэскилбит кэҥииригэр,

Дьолбут уһууругар

Уруй-туску буолуохтун! — онтон уол туойар.

Уол тойуга:

Иитиллибит ийэ дойдубутугар

Күммүт мөһүүрэтэ түстэҕинэ,

Алаас, толоон отунан үүнүөҕэ,

Ынах, сылгы хойдуоҕа,

Олохпут тупсуоҕа,

Кэнэҕэски кэскилбит туһугар

Кэскиллээх олоҕу айыаҕыҥ!

Оһуокай (бары):

Дьээ-буо,

Оһуокайдыыр оһуокай,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй!

Дьээ-буо,

Сандал күммүт тыкпычча,

Саҥа күнү көрбүччэ,

Дьээ-буо,

Айыыларга сүгүрүйэн

Айхал тылын эттибит.

Дьээ-буо,

Сандал маҥан күммүт

Сайаҕас санааны биэриэхтин,

Дьээ-буо,

Уруй-айхал буолуохтун!

Онтон түһүлгэҕэ икки эр бэртэрин таҥаһынан бүрүйэн килэрэллэр. Уонна бүрүөһүннэрин төлө тардаллар. Тустуу саҕаланар. Кыайбыт уол алгысчыкка сүүрэн тиийэн сөһүргэстиир. Алгысчыт киниэхэ анаан алгыс этэр.

Уруй буоллун

Уолан бөҕөскө!

Айхал буоллун

Аныгы ыччакка!

Дьон бары «Уруй!» дииллэр. Өбүгэ оонньуулара саҕаланаллар. (Өһөс торбос, Көтөх ынаҕы туруоруу).

Кыайбыт уолаттары алгысчыт алҕыыр:

Ураа муостаах ууһаатын,

Халыҥ хаһанан

Мохсуо бырахсар

Күммүт үүннүн!

Тускуо!

Дьон бары «Тускуо!» дииллэр.

Алгысчыт арыалдьыттарын кытта сүүрүк аттары алҕыыр. Аттар илин диэки хайыһан бааллан тураллар. Иннилэригэр үс түптэ, үс чэчир уонна чэчирдэргэ салама ыйаммыт. Ол аттыгар толору кымыстаах чорооннор, эбир хамыйах уонна үрүҥ сылгы сиэлэ бэлэмнэммит.

Аал уотум иччитэ

Хатан Тэмиэрийэ,

Үөр-үөт,

Күлүм аллай!

Эйигинэн сирэйдэнэн

Күрүө Дьөһөгөй айыыга

Үҥэн-сүктэн

Көрдөһөн эрэбит.

Эн айбыт оҕолоруҥ

Түөрт түөрэм туйахтаах,

Икки тартайар таныылаах,

Икки алаҕаркаан харахтаах,

Икки чорбойор кулгаахтаах

Оҥочолуур кутуруктаах,

Орто дойдум

Уутун, отун

Оймоон аһыыр,

Орто дойдум сылгылара!

Бүгүҥҥү ааттаах

Бүтэй маҥан күҥҥэ,

Илин-кэлин былдьасыһар

Эрийсиилээх сүүрүүлэрэ

Бу тиийэн кэллэ.

Өрөкүйэр көҕүллээх

Ньиргиэрдээх туйахтара

Дуораһыйдын диэн,

Ардахтаах ас үрдүн

Аһатан эрэбит!

Үөр-көт!

Алгысчыт үс төгүл аал уотугар кымыһы кутар. Сиэл, алаадьы, саламаат биэрэр. Онтон сүүрэр аттар иннилэригэр киирэн илин, соҕуруу, арҕаа, хоту диэки кымыһы ыһар. Ол кэнниттэн сүүрүк аттарга тиийэн, эбир хамыйаҕынан көҕүллэригэр кымыһы ыһар уонна ат сүүрдэр уолаттары алҕыыр.

Арҕаһыттан тэһииннээх

Айыы дьоно,

Көхсүттэн тэһииннээх

Күн оҕолоро,

Ахсым ат

Арҕаһыгар олороҥҥут,

Айаҥҥыт сырыыта

Алгыстаах буолуохтун,

Очурга оҕустарымаҥ,

Тэхтиргэ тэптэримэҥ,

Кыайыы-хотуу саталлаах

Урааҥхай оҕолоро буолуҥ,

Алгыс баһа сыаланнын

Уруй-тускуо!

Уолаттар бары үс төгүл «Тускуо!» дииллэр. Алгысчыт ат сүүрдэр уолаттарга үрүҥ сиэл туттарар уонна арыалдьыттарын кытта түһүлгэттэн тахсан баран. Ат сүүрдүүтэ саҕаланар.

Ыһыахха түһүлгэҕэ олорон дьон-сэргэ кымыс иһэллэр, үтэһэлээх эт сииллэр уонна өбүгэ оонньууларын, ат сүүрдүүтүн көрөллөр.

(55- 66 с)

Өбүгэ сиэрэ-туома А.С.Федоров.- Дьокуускай- Бичик, 2011.

Ыһыах алгыһа

1    Аҕыс саха ахтар Айыыһыта,

Үс саха үҥэр Айыыһыта,

Үс хаттыгастаах

Өндөл маҥан халлаан

Үрүт өттүгэр үөскээбит,

Өлбөт уһун үйэлээх,

Үгүһү үөдүппүт,

Элбэҕи тэниппит,

Үүнэн баран өлбөнүйбэт оттоох,

10    Көҕөрөн баран хагдарыйбат мастаах,

Үөскээн баран өлбөт сүөһүлээх,

Төрөөн баран төннүбэт киһилээх,

Сырдаан баран хараҥарбат халлааннаах,

Тахсан баран киирбэт күннээх,

Үүс  аас бэйэлээх,

Үрүҥ чачыр тутуурдаах,

Өлбүргэ нуоҕай бэргэһэлээх,

Үрүҥ былыт үктэллээх,

20     Үүт таас олбохтоох

Үрүҥ Айыы Тойон…..

80    Тоҕус үйэ тохору

Чуордук  сураҕырдыҥ!

Аҕам ууһун

Аҥардастыы аатырдыҥ!

Арҕары аҕа уустааҥ,

Тиһэ нэһилиэктээҥ!

Субуруччу улуустааҥ!

Тоҕус курдуулаах

Туос ураһа саҕа

Тохтон түспэт дьоллооҥ!

210  Уһун үйэ салҕаннын,

Күн айыыларыам,

Күн диэкинэн

Күөрэгэй чыычаах буолан,

Көрүлүү-нарылыы туруҥ!

Аргытан кыталык буолан,

Аламай күн аннынан

Аҥаарыччы эргийэ туруҥ!

220 Уруй-айхал буоллун,

221  Туску улааттын!!!

(364-376  с ) — быһа тардыы.

Ыһыах тойуга

Дьэ-буо!

Дьэ-буо!

Кырыылаах кыһыны аһаран,

Сандал сааспыт эргийэн,

Уйгу быйаҥнаах

Кылгас сайыммыт саҕаланыытын

Уруйунан көрсөөрү,

Урааҥхай сахалар

Эллэй эһэ саҕаттан

10 Эҥээрдэнэн кэлбит,

Оноҕой боотур саҕаттан

Олохтонон кэлбит

Саргы тардыһар,

Улуу ыһыаҕы ыстыбыт,

Унаара долгуйар

Сиэдэрэй сибэкки симэхтээх,

Күндү хочом иэнигэр

20   Эдэрдиин-эмэнниин мустаммыт,

Кэлэр кэнчээри ыччаппар

Кэскил тардыһан,

Кэрэни, кэскиллээҕи көрдөҺөн,

Күөх быйаҥы

Көтөҕөр соруктаах,

Түөлбэ күөл саҕа

Төгүрүк түһүлгэни төрүттээн,

Үөрүү-көтүү үҥкүүтүн

29    Саҕалаатахпыт буоллунууй!  (382-384 с)

С.Т.Алексеев оһуокайа

1   Чэйдэр чэйиҥ, чэкийдэр,

Чэгиэн итий, оҕолоор!

Тиҥилэхтээн ньиргийбэт,

Тиргэл хара буордарбыт

Ньиргийиэҕэ диэхтээмэҥ,

Илиилэртэн сиэттиһэн,

Эһиэхэйдиир оонньууну,

Элбэрээҕин эһиэҕиҥ!

10    Томтор хара буордарбыт

Доргуйуоҕа диэхтээмэҥ,

Тоҥолохтон тутуһан

Оһуохайдыыр оонньууну

Олохтуоҕуҥ оҕолоор!

Оһуо-оһуо оһуохай,

Оһуохайдыыр оһуохай

Тоҕус уонча сүүстэрдээх

Торбос сүөһү тириитэ

Олооччулуур этэрбэс

20   Уһулларын кэрэйимэҥ,

Оһуохайдыыр оонньууну

Олохтуоҕуҥ оҕолоор!

Сэттэ уонча сүүстэрдээх

Тиһэҥэ сүөһү тириитэ

Тирэҥсэлиир этэрбэс

Тэстэригин кэрэйимэҥ,

Тиргэл-чэгиэн саастарбыт

30    Тэҥҥэ куруук сыодьыбат,

Көмөр хара баттахпыт,

Күрэҥсийиэ,сэгэрдээр,

Көмүстээхэй тиистэрбит

Көтүллүөҕэ дьүөгэлээр,

Күндү үтүө күөмэйбит

40     Көйгөтүйүө, доҕоттоор!

Күннүү көтөн күөрэйиҥ,

Ыйдыы тэҥҥэ ыстанан

Ыллаан-туойан иһиэҕиҥ,

Оһуо-оһуо оһуохай,

Оһуохайдыыр оһуохай !

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй!

(406-408 с)

Источник: Обрядовая поэзия саха(якутов) Сост. Н.А. Алексеев, 0 24 [П.Е. Ефремов], В.В. Илларионов. – Новосибирск, -Наука, 2003.

Ыһыахха ыҥырыы (ырыа) Семен Данилов

Сибэккинэн симээммит,

Сэлэ чэчир астыбыт,

Үрүҥ астаах сир иһит

Түһүлгэни тартыбыт

Саамал кымыс ыһыаҕар

(Сайдыы) колхоз ыҥырар,

Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар

Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ!

Оонньуулаахтыын оонньоһор

Уолан дьоннор үгэстэр,

Кыраһыабай оҕолор,

Кыргыттар да дэлэйдэр.

Көрдөөх эдэр киһиэхэ

Көр-нар дэлэй биһиэхэ.

Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,

Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ!

Олоҥхоһут оҕонньор

Олох булан олорор,

Сэлэһэргэ бэлэмнэр

Сэргэх сээркээн сэһэннэр.

Сайдам-дьэллэм киһиэхэ

Солун элбэх биһиэхэ.

Кэлиҥ күндү ыалдьыттар,

Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ!

Кытыт сылгы кымыһа

Сырылаччы кутуллар,

Субай, харта сокууска

Сойон, тупсан тураллар.

Аҕам аһас киһиэхэ

Ас-үөл дэлэй биһиэхэ,

Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,

Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ!

Асчыт талыы кыргыттар

Айах тутан күүтэллэр,

Тустуук, быһый уолаттар

Доҕоттору кэтииллэр.

Уйгу-быйаҥ ыһыаҕар

Улуу колхоз ыҥырар.

Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,

Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ!

(122-123 с).

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

This post was published on 21.06.2020 11:02 11:02