Бүгүн сахалар ыһыахтыыбыт. Ыhыах диэн саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар. Былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21—22 күннэригэр. Сорох чинчийээччилэр[1] этэллэринэн ыһыах Саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга буолбатах — күнү көрсүү, Үөһээҥҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэригэр түбэһиннэрэн, Үөһээҥҥи Айыыларга сүгүрүйүү итэҕэл күнэ дииллэр.
Бэлиэ күннэр
- Канаада — Төрүт омуктар күннэрэ.
- Исландияҕа Лита диэн бырааһынньык — сыл саамай уһун күнүн бэлиэтииллэр.
- Дания, Гренландия — Дойду күнэ
- Былыргы славяннар бу күн Перун таҥара төрөөбүт күнүнэн ааҕаллар эбит.
- Франция — Францияҕа бу күн музыка бырааһынньыгын быһыытынан 1982 сылтан бэлиэтэнэр.
Түбэлтэлэр
- 1893 — Чикагоҕа Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа бастакы туланы көрөр көлүөһэ аһыллыбыт.
- 1915 — Худуоһунньук Казимир Малевич аатырбыт Хара квадрат хартыынатын оҥорон бүтэрбит.
- 1922 — Никольскайдааҕы кыргыһыы буолбут. 226 Петроградскай полк Нам улууһун Никольскайын, улуус киинин Конта-Креһы, Граф Биэрэгин босхолообут. Кыргыһыы түмүгэр үрүҥнэр хотугу бөлөхтөрө урусхалламмыт, 400-кэ тиийэ киһи өлбүт, биир оччо билиэҥҥэ түбэспит.
- 1940 — Амматтан төрүттээх Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, салайааччы Алексей Кралин буруйа суоҕа дакаастанан реабилитацияламмыт. Бу киһи норуот өстөөҕө аатыран 1928 сылтан 12 сыл хаайыыга сыппыта. Казань куоракка РККА хамандыырдарын кууруһугар үөрэммит, Туркестааҥҥа басмаачтары утары кавалерияны хамаандалаабыт киһи.
- 1941 — Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх саха бастакы устуорук учуонайдарыттан биирдэстэрэ Никон Романов Ленинградка хандьыдаат диссэртээссийэтин көмүскээбит, тиэмэтэ «Саха сиригэр XVIII үйэтээҕи дьаһаах». Сарсыныгар, биллэрин курдук, сэрии саҕаламмыта, учуонай бэйэтин баҕатынан аармыйаҕа барбыта, күһүн Колпино аттыгар дьоруойдуу өлбүтэ. 30-с сс. учууталлыы сылдьыбыта, киниэхэ элбэх Үөһээ Бүлүү биллиилээх дьоно үөрэммиттэрэ, холобур, саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап.
- 1950 — Биир гааттан 29 центнер сэлиэһинэйи ылбытын иһин Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ Николай Барамыгин Социалистыы Үлэ Дьоруойун аатын ылбыт.
- 2009 — Референдум түмүгэр Дания састаабыгар киирэр Гренландия автономията кэҥэтиллибит. Бу иннинэ олохтоохтор доруобуйа харыстабылын, орто үөрэхтээһини, социальнай көмөнү бас билэр эбит буоллахтарына, 2009 сылтан ыла полицияны, суут систиэмэтин уонна сир баайын эмиэ дьаһайар кыахтаммыттар.
Төрөөбүттэр
- 1895 — Семен Донской (1938 өлб.) — саха судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, доруобуйа харыстабылын бастакы наркома, сахалыы бастакы учебниктар ааптардара.
- 1908 — Үөһээ Бүлүү Мэйигэр Түүкээн үрэх үрдүгэр аатырбыт тустуук Буучугурас — Василий Степанов төрөөбүтэ. 1937 сыллааха Саха сиригэр хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөн аатын ылан биллибитэ. Сэриигэ икки атаҕын илдьириттэрэн, дойдутугар кэлэн иһэн аара өлбүтэ.
- 1921 — Дмитрий Петров (06.11.1971 өлб.) — Таатта улууһугар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, танковай биригээдэ бүлүмүөччүгэ, Албан аат уордьанын толору кавалера. Сэриигэ кыттыбыттар «Албан аат» толору кавалердарын Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарынааҕар ордук үрдүктүк сыаналыыллара. Тоҕо диэтэххэ, бу уордьан эмиэ уһулуччу хорсун быһыы иһин бэриллэрэ, онон үс уордьаны ылбыт киһи кырата үстэ туох эрэ уһулуччулаах хорсун быһыыны оҥорбут киһи буолара.
Өлбүттэр
- 1908 — Николай Римскай-Корсаков — Арассыыйа композитора.
- 1991 — Артур Софронов (18.08.1952 төр.) — Саха АССР учуонайдарын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
This post was published on 21.06.2021 09:01 09:01