Бэс ыйын 20 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

Хаартыска: СИА

Хой ♈️

Тапталлааххын кытары бүгүҥҥү күнү атаар

Оҕус ♉️

Бириэмэ хаһан баҕарар баар киһи баҕарар буоллаҕына

Игирэлэр ♊️

Таптал хараҕа суох дииллэр, ол кырдьык, кими таптыыргын сүрэҕиҥ эрэ билэр

Рак ♋️

Эн толкуйуҥ сөпкө баран иһэр, туруорус, туруулас ситиһии кэлэрин гына

Хахай ♌️

Чугас киһиҥ аттыгар баара, кини кууһара эйиэхэ бу күн өйөбүл буолуо

Кыыс ♍️

Сүүс төгүл эйигин хомолто тулалыыр буоллаҕына, тыһыынча төгүл хайдахтаах да кэмҥэ мичээрдииргин көрдөр

Ыйааһын ♎️

Биир тыл элбэҕи быһаарар, тыл барабыай буолбатах, таҕыста да туппаккын

Скорпион ♏️

Дьон ис туругун өйдөөн көр, ким дууһата кураанаҕа, ким дууһата баайа хараҕыҥ байҕалыгар көстөр

Охчут ♐️

Туохха да бириэмэҥ тиийбэт курдук, ол эрэн тугунан дьарыктанарыҥ да биллибэт

Чубуку ♑️

Саҥа уларыйыы бөҕөтө эн олоххор буолаары турар

Күрүлгэн ♒️

Сүрүн суолталаах быһаарыыны ылыныаҥ иннинэ сэттэтэ толкуйдаан көр

Балыктар ♓️

Бастакы хардыыны оҥорор ыарахан буолбатах.

А7а5ас источниктан.

This post was published on 20.06.2024 09:04 09:04