Бэс ыйын 16 күнүгэр Дьокуускай аэропордун көтөр-түһэр балаһата 1650 миэтирэттэн 1800 диэри улаатыаҕа, онон орто магистральнай сөмөлүөттэр сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
Балаһа кэҥээтэ эрэ атыыга тахсар авиабилиэт ахсаана эмиэ элбиэҕэ. Эрдэ Саха сирин тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев Арассыыйа киин куораттарыгар көтөр билиэттэргэ дэписсиит суоҕун тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Маны сэргэ, бэс ыйын 16 күнүттэн Дьокуускай аэропордугар 200 амфибия сөмөлүөттэрэ түһүөхтэрин сөп. Бу сөмөлүөттэри ойуур баһаарын умуруорууга туһаныахтара.
This post was published on 08.06.2023 11:03 11:03