Бэс ыйын 15 күнэ. Бүгүн тыалы туһаҕа таһаарыыга дьаһал - Бикипиэдьийэ

Бэс ыйын 15 күнүн бэлиэлэринэн буолаллар: ХНТ — Тыал аан дойдутааҕы күнэ (Global Wind Day). 2007 сыллаахтан Европаҕа, 2009 сыллаахтан аан дойдуга бэлиэтэнэр, тыалы туһаҕа таһаарыыга ананар. ХНТ — Саастаах дьону атаҕастыылларыгар болҕомто уурар күн[1]. Азербайдьан — Азербайдьааҥҥа Омук быыһаммыт күнэ. 1993 сыллаахха Азербайдьааҥҥа Гяндж куоракка байыаннайдар өрө турбуттара, гражданскай сэрии саҕаланан испитэ, ону тохтотор туһуттан оччотооҕу салалта Гейдар Алиевы ыҥырбыта, кини бу күн былааска кэлбитэ, уонна ол сэриини тохтоппута. Арассыыйа — Юннат хамсааһынын күнэ[2].


Түбэлтэлэр

  • Б. э. инн. 763 сыл — Ассирияҕа Күн өлүүтүн бэлиэтээн сурукка киллэрбиттэр. Бу түгэни былыргы Месопотамия устуоруйатын хронологиятын чуолкайдыырга туһаммыттара.
  • 1215 — Англия хоруола Иоанн Көҥүл улуу хартиятыгар илии баттаабыт.
  • 1410 — Онон өрүһүгэр буолбут быһаарыылаах кыргыһыыга 100000 киһилээх Кытай сэриитэ Илин Монгол сэриитин кыайбыт.
  • 1502 — Бүтэһик экспедициятын кэмигэр Христофор Колумб Мартиника арыыны арыйбыт.
  • 1667 — Аан дойдуга биллэр үтүө түмүктээх бастакы хаан кутуу оҥоһуллубут — Францияҕа Жан-Батист Дени диэн быраас 15 саастаах уолга хой оҕотун хаанын куппут.
  • 1752 — Америка учуонайа уонна дойдуну төрүттээчилэртэн биирдэстэрэ Бенджамин Франклин чаҕылҕан электричество буоларын дакаастаабыт.
  • 1774 — аҕыйах ый (1774 сыл тохсунньу 17 күнүттэн) Саха сирин бойобуодатынан ананан сулууспалаабыт киһи Ларион Черемисинов дуоһунаһыттан уурайбыт.
  • 1842 — Нерчинскэй хаатыргатыттан 1841 сыл кулун тутарыгар күрээбит Манчаары Баһылай төттөрү Нерчинскэйгэ этаабынан ыытыллар. Сүүһүгэр бэчээттээҕинэн билэн, аймаҕар ат уларса тиийбитин туппуттар.
  • 1935 — Бүлүү сүнньүгэр алмаас хостонуон сөбүн билгэлээбит Бүлүү куоратын учууталыгар Пётр Староватовка «Үлэ Дьоруойа» аат иҥэриллэр.
  • 1954 — УЕФА олохтоммут.
  • 1955 — Далдын үрэх тардыытыгар алмаас үөскээбит сирэ аһыллыбыт — «Удачная» диэн ааттаммыт кимберлит трубката — Арассыыйаҕа саамай улахан алмаас үөскээбит сирэ.
  • 1963 — Кытай Сэбиэскэй Сойууһу «аан дойду өрөбөлүүссүйэтин таҥнарыыга» буруйдаабыт.
  • 2001 — СӨ Төрүт сокуонугар уларыйыылар киирбиттэр, холобур «сувереннай» диэн тыллар сотуллубуттар, СӨ нолуогун сулууспата СӨ түмэнигэр бас бэриммэт, быһаччы РФ нолуогун сулууспатыгар бас бэринэр буолбут.
  • 2004 — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туһунан» сокуон ылыныллыбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1994 — Эллэй Сивцев (31.12.1928 төр.) — саха норуодунай худуоһунньуга. Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх. Аҕата Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, учуутал, ийэтэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ эбитэ үһү.
  • 1999 — Егор Кычкин (06.03.1929 төр.) — судаарыстыбаннай тутуу бэтэрээнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
  • 1999 — Иннокентий Д. Корякин (1931 төр.) — саха живописеһа. «Дулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону иллюстрацияласпыт, Опера тыйаатырыгар фойе эркинин ойууласпыт худуоһунньук. Кыра уола Иннокентий эмиэ живописец, педагог.

This post was published on 15.06.2021 09:01 09:01