Саха иһитиннэрэр ааҕыныстыбатын (СИА) уонна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн кыттыгас бырайыактара — “БИЛИМ” альманах — бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнүгэр, оҥкула олохтонно, олуга охсулунна. Бу – бэрт бэлиэ түгэн.
Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр, «Билим» бырайыак үлэтин саҕалыыр. Саха тылын сайдыытыгар анаммыт научнай матырыйааллар туспа тутуллан, биир сиргэ түмүллэн нэдиэлэҕэ биирдэ — бээтинсэ күн — бэчээттэнэр буолуохтара.
СИА сахалыы сирэйигэр маны сэргэ түөлбэ тылларын ырытыылар тахсыахтара.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэригэр Хабырыыл Торотуойапка саҥа бырайыагы өйөөбүтүгэр махталбытын биллэрэбит.
Хабырыыл Торотуойап бырайыак туһунан санаата:
— Арассыыйаҕа 190-тан тахса омук эйэ дэмнээхтик суулаһан олорор. Кинилэр тылларын уонна култуураларын дойду бүттүүн духуобунай баайын быһыытынан харыстыахтаахпыт уонна сайыннарыахтаахпыт диэн Арассыыйа Төрүт Сокуонугар уонна Арассыыйа норуоттарын тылларын туһунан сокуоҥҥа этиллэр. Манна олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тыла (нуучча тылын сэргэ) судаарыстыба тыла буолар, оттон эбээн, эбэҥки, дулгаан, дьүкээгир, чукча тыла дьиҥ таһымнаах (официальнай) тыллар диэн анал туруктаахтар.
Акадьыамык П.А. Слепцов быһаарыытыгар олоҕурдахха, судаарыстыба тыла — судаарыстыба олоҕун бары таһымыгар толору үлэлиир, харыстанар бигэ нуормалаах, араҥаламмыт араас истииллээх, үрдүк култууралаах тыл. Судаарыстыба тылыгар кэпсэтии, уус-уран, публицистика, дьыала уонна билим истииллэрэ сайдыбыт буолуохтаах. Сахабыт тыла — олус баай, ылбаҕай, хомоҕой тыл, онон араас эйгэ (истиил) үрдүк ирдэбилин төһө баҕарар толору хааччыйар кыахтаах. Дьэ, онон, сахабыт тылын билим араас салаатыгар күүскэ киллэрэн, омукпут сайдар суолун тобулар, кэлэр кэскилин түстүүр туһуттан бу бырайыагы олоххо киллэрэн эрэбит. Билим истиилин иһинэн тиэрмин тиһигин үөскэттэхпитинэ, онно тирэҕирэн, сахалыы дьыала истиилэ эмиэ тэҥинэн сайдыа диэн бэркэ эрэнэбит.
Сайдам санаалаах сахам дьоно! Бу күнтэн саҕалаан, Эһиэхэ эрэ анаан, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын, о.д.а. туһунан кэрэхсэбиллээх матырыйааллары кэмиттэн кэмигэр таһаара туруохпут. Ону Эһиги көтүппэккэ ааҕыҥ, билиигитин-көрүүгүтүн хаҥатыҥ! Этэҥҥэ буолуҥ!
«Билим» альманах бастакы матырыйаалын манна киирэн аах: https://sakha.ysia.ru/ks-k-leeh-l-ks-j-t-r-b-t-noruotugar-lb-t-s-ppet-t-te/
This post was published on 12.06.2020 13:01 13:01