Бэс ыйын 11 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

Хаартыска: СИА

Хой ♈️

Олоххун үчүгэйгэ уларытарга туһааннаах кэм баар буолуо, түгэни мүччү тутума

Оҕус ♉️

Бүгүн баарт оонньуур кэмэ, улахан сүүйүү буолара күүтүллэр

Игирэлэр ♊️

Массыынаҕа, суолга-иискэ сэрэхтээх буолар ордук, тапталлааххар болҕомто уураргын умнума

Рак ♋️

Иһирэх иэйиини билиэҥ, тапталлаахтарга олус дьикти алыптаах кэм

Хахай ♌️

Харчыга сыһыаннаах дьыаланы кытары сэрэхтээх буол, албыннатыы баар буолуон сөп

Кыыс ♍️

Чугас аймахтаргын кытары көрсүһэр түгэн баар буолуо, үчүгэй кэми ахтан-санаан ааһыаҥ

Ыйааһын ♎️

Доруобуйаҕар болҕомтону уурар тоҕоостоох буолуо

Скорпион ♏️

Таптал чааһыгар барыта кэминэн, таптыыр таптатар киһилээххин

Охчут ♐️

Мээнэ-мээнэ ону-маны атыылаһартан туттун, харчыга сыһыаннаах боппуруоһу өмүрэх курдук быһаарыма

Чубуку ♑️

Айарга-тутарга сыһыаннаах дьоҥҥо бүгүн иэйии киириэ, кыайыыга, ситиһиигэ дьулус

Күрүлгэн ♒️

Ыксаллаах кэмҥэ олоххор суолталаах быһаарыныы ылынарга күһэллиэҥ

Балыктар ♓️

Үчүгэй кэм. Үчүгэй сонун истиэҥ, олоххор туох эрэ үчүгэй түгэн тосхойуо.

Аһаҕас источниктан.

This post was published on 11.06.2024 09:01 09:01