Бэс ыйын 10 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

Хаартыска: СИА

Хой ♈️

Тугу барытын кыайыах, сатыах уонна өрө тутуох курдуккун. Сэниэҥ эбиллэн, күүһүҥ кыаҕыран турар кэмэ

Оҕус ♉️

Тулуйар кэмҥин ааһыаҥ, барыта илииҥ таһынан ааһар курдук буолуо, кыратык хомулла түс

Игирэлэр ♊️

Урукку кэми барытын өйдүү сылдьаҕын, ол эрэн ол туһунан кэпсэтэргин ыарырҕатаҕын

Рак ♋️

Күннээҕи кыһалҕаны барытын быһаара охсон бүгүҥҥү киэһэни бэйэҕэр анаа: дууһалыын ырааһыр, санаалыын ырааһыр

Хахай ♌️

Эн сүрэххин биир киһи тоҥсуйар. Сүрэххэр киниэхэ суол арыйаргын арыйбаккын түргэнник быһаарын

Кыыс ♍️

Эн күннээҕи олоххор олорор олоххун, мээнэ киһи тулуйуо суоҕа. Кыһалҕа үөскүүр түгэнигэр ыксаллаах быһаарыныыны оҥорума

Ыйааһын ♎️

Дьонтон бэйэҕин чорботума даҕаны, атаҕастатыма даҕаны

Скорпион ♏️

Эн саҕа элэккэй, ис киирбэх киһи бу күн сиригэр бүгүн суох, ол эрэн дьон саҥатыгар киирэн биэримэ

Охчут ♐️

Туһалааҕы буолбакка тугу эрэ атыны толкуйдуу сылдьаҕын. Дьиэлээхтэргин кытары сыһыан этэҥҥэ

Чубуку ♑️

Элбэҕи этиэххин баҕараҕын эрээри, тылыҥ тиийбэтин кэриэтэ, санаабыккын чопчу этэр ордук

Күрүлгэн ♒️

Бэйэҥ кыһалҕаҕын быһаара үөрэн дьоҥҥо сэлээннээмэ, эрэнимэ

Балыктар ♓️

Кэтэһэр олус сылаалаах эрээри, ол түмүгэр иҥэмтэлээх буолар.

Аһаҕас источниктан.

This post was published on 10.06.2024 09:01 09:01