Бэс ыйын 10 күнэ. Геральдика уонна модерн - Бикипиэдьийэ

Модерн аан дойдутааҕы күнэ. Архитектуураҕа, живописька, поэзияҕа, музыкаҕа уо.д.а. модерн истиилин дьоҥҥо билиһиннэрээри бэлиэтэнэр. Аан бастаан 2013 с. Венгрияҕа бэлиэтэммитэ, кэлин Европа дойдулара уонна тэрилтэлэрэ өйөөбүттэрэ. Бу күн истиил икки уһулуччулаах бэрэстэбиитэлэ өлбүттэр эбит: Антонио Гауди уонна Эден Лехнер. Геральдика аан дойдутааҕы күнэ.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1807 — Гейльсберг кыргыһыыта (фр. La bataille d’Heilsberg) — Илин Пруссия Гейльсберг куоратын аттыгар (билигин Польша Лидзбарк-Варминьски куората) Наполеон I хамаандалаах француз аармыйатын уонна Л. Л. Беннигсен хамаандалаах нуучча аармыйатын ыккардыгар буолбут кыргыһыы. Хайалара да кыайыыны ситиспэтэҕэ, французтар 12 600 саллааты сүтэрбиттэрэ (1398 өлбүтүнэн, 10 359 бааһырбытынан, 864 билиэн түбэспитинэн), нууччалар — 6000 кэриҥэ киһини (өлбүтүнэн 2000).
  • 1846 — Лондоҥҥа Шотландияттан төрүттээх Роберт Уильям Томсон пневматическай шинаҕа патент ылбыт. Ол эрэн маннык «салгыннаах шина» бу кэмҥэ тарҕамматах. Кэлин 1887 сыллаахха эмиэ шотландец Джон Данлоп бэлисипиэт көлөһөтүгэр пневматическай шина олордору тобулбутугар дьэ тарҕаммыт.
  • 1865 — Мюнхеҥҥа Рихард Вагнер «Тристан уонна Изольда» оператын аан бастаан көрдөрбүттэр.
  • 1891 — Араҥы утары эми көрдүүр Англия дьахтара Кэтт Марсден кыра этэрээтэ Дьокуускайтан Бүлүүгэ айаннаабыта.
  • 1909 — Устуоруйаҕа бастакы SOS сигналы «Славония» диэн ааттаах Улуу Британия суудуната Азор арыыларыттан ыыппыт. Бу суудунаҕа айаннаан испит дьон бары быыһаммыттар.
  • 1917 — Украина Киин Раадата Универсал «К украинскому народу на Украине и вне Украины сущему» диэн докумуону ылыммыт. Бу докумуон Украина автономиятын олохтообут.
  • 1922 — Төхтүрдээҕи кыргыһыы буолбут, үрүҥнэр соҕурууҥу бөлөхтөрө урусхалламмыт.
  • 1936 — ССРС-ка «Союздетмультфильм» киностудия олохтоммут (кэлин «Союзмультфильм»).
  • 1940 — Италия Францияҕа уонна Улуу Британияҕа сэриини биллэрбит.
  • 1945 — 1-гы, 2-с Белоруссия уонна 1-гы Украина фроннарын чаастарыттан Германиятааҕы оккупациялыыр сэбиэскэй сэриилэр бөлөхтөрө олохтоммут.
  • 1962 — ССКП КК президиума Куубаҕа сэбиэскэй ракеталар баазаларын олохтуур туһунан быһаарыы ылбыт («Анадырь» эпэрээһийэ).
  • 1967 — биир өттүттэн Израиль, иккис өттүттэн ЭгиипэтСиирийэИорданияИраак уонна Алжир ыккардыларынааҕы Алта хонуктаах сэрии араабтар коалицияларын Израиль кыайыытынан түмүктэммит.
  • 1996 — «Интел» холбоһук «Pentium II» процессоры атыыга таһаарбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1909 — Марха улууһун II Бордоҥ нэһилиэгэр Степан Бордонскай — «Кыым» 1938-39 с.с. эрэдээктэрэ, Саха АССР Араадьыйатын 1952-53 сс. бэрэстээтэлэ, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ. Кэлин Хакасияҕа уонна Чита куоракка үлэлии сылдьыбыта.
  • 1915 — Сол Беллоу (2005 өлб.), АХШ суруйааччыта, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1976).
  • 1956 — Розалия Барвина — саха былыргы култууратын чинчийээччи, сахалар көмүүлэрин сиэрин-туомун туһунан суруйууларынан киэҥник биллэр устуоруйа билимин дуоктара, профессор.
  • 1958 — Үөһээ Бүлүүгэ биллиилээх педагог дьиэ кэргэнигэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия өр сыллаах дириэктэрэ, философия билимин хандьыдаата Николай Чиряев төрөөбүт (2018 с. өлб.).

Өлбүттэр

  • Б.э.инн. 323 сыллаахха — Александр Македонскай (б.э.инн. 356 с. төр.), Былыргы Греция сэрииһитэ.
  • 1988 — Николай Бойлохов (10.03.1929 төр.) — саха биллиилээх мелодиһа. Норуокка киэҥник биллибит «Туллуктар», «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыалар ааптардара.
  • 2008 — Чингиз Айтматов (1928 төр.), суруйааччы. Кини айымньылара сахалыы тылбаастаммыттара, Саха тыйаатырын сыанатыгар турбуттара.
  • 2009 — Евдокия Коркина (17.12.1917 төр.) — биллиилээх тюрколог, РСФСР наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара. Саха сиринээҕи тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтун салайбыта.

This post was published on 10.06.2021 09:01 09:01