Бэс ыйын 1 күнэ. Уһук Илиҥҥи гектар - Бикипиэдьийэ

2016 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон олоххо киирбитэ. Билигин бу сокуоҥҥа атылыы «Арктика гектара» бэлэмнэнэр. Атырдьах ыйыгар үлэтин саҕалыыра былааннанар. Оттон 1919 сыллаахха Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Манна кыттан, Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.


Бэлиэ күннэр

  •  — Аан дойдуга Оҕо көмүскэлин күнэ. 1949 сыллаахха Аан дойдутааҕы дьахталлар демократтыы федерациялара быһаарыытынан бэлиэтэнэр. Аборту утарыыга туһаайыллар.
  •  ХНТ — Төрөппүт аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ 2012 сыллаахха ылыммыта. Оҕо бары өттүнэн толору сайдарыгар төрөппүт сылааһа, болҕомтото, таптала уонна өйдүүрэ баар буолуохтаах диир ХНТ саайта. Бу күн аан дойду бары төрөппүттэригэр ананар.
  •  — Аан дойдуга Үүт күнэ. 2020 сылга сүүрбэһис төгүлүн бэлиэтэнэр. Үүт сүҥкэн суолтатын санатарга уонна үүтү оҥорооччулары өйүүргэ анаан ХНТ Аска уонна тыа хаһаайыстыбатыгар тэрилтэтэ олохтообута.

Түбэлтэлэр

  • 1764 — коллежскай советник Мирон Черкашенинов Саха сирин бойобуодатынан ананаммыт, бу дуоһунаска 1766 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр дылы сулууспалаабыта. Уурайан баран дьаһаах хамыыһыйатын начаалынньыгынан үлэлээбит. Сахаҕа кини аатынан өс номоҕо үөскээбит: «Мөрүөн хамыыһыйа саҕаттан», «туос биэдэмэскэ суруллубутунан». Сири сыһыарыы биэдэмэстэрин, кумааҕы суох буолан, Мөрүөн хамыыһыйата туоска суруйбута биллэр.
  • 1899 — Дьокуускайга уу суолунан Хапхаастан көскө ыытыллыбыт духобордар кэлбиттэр. Бу дьон сэрии сэбин тутартан батыналлара. Бастаан Кырыымҥа, онтон Хапхааска көскө ыыта сылдьыбыттара. Тиһэҕэр үгүстэрэ Лев Толстой уонна квакердар өйөбүллэринэн Канаадаҕа көспүттэрэ, сыдьааннара билигин да онно бааллар.
  • 1918 — Ньурба Чаппандатыгар кииннээх «Холбоhук» (“Единение”) диэн атыы-эргиэн тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыт.
  • 1919 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Бу мунньах бэс ыйын 30 буолбутугар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
  • 1922 — ВЦИК дэкириэтигэр олоҕуран Былатыан Ойуунускай баһылыктаах бастакы национальнай сэбиэскэй бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
  • 1922 — Алтаай күбүөрүнэтиттэн араарыллан Ойрот автономиялаах уобалаһа олохтоммут (кэлин Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ).
  • 1931 — Сэбиэскэй Сойууска 90 металлургия собуотун тутуутугар Америка инженердэрэ кытталларын туһунан контракт түһэрсиллибит. Бу кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска балысхан тэтимнээх индустриализация барбыта.
  • 1965 — сэбиэскэй суруйааччы Михаил Шолохов Нобель бириэмийэтин литэрэтиирэҕэ лауреата буолбут.
  • 1966 — Кытай араадьыйатыгар буржуазияны утарар дацзыбао ааҕыллыбыт, интеллигенцияны репрессиялыыр хампаанньа саҕаламмыт.
  • 2016 — Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон олоххо киирбит.

Төрөөбүттэр

This post was published on 01.06.2021 09:01 09:01