Бэс ыйын 1 күнүттэн сорох биэнсийэ кээмэйэ улаатыаҕа

Хаартыска: Саха сирэ саайт

80 саастарын туолбут аҕам саастаах дьон биэнсийэлэригэр фиксированнай төлөбүрү икки төгүл улаатыннарыахтара.

Ол курдук, бэс ыйын 1 күнүттэн ыам ыйыгар 80 саастарын туолбут аҕам саастаах дьон биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ диэн «Парламентская газета» саайт суруйар.

Бэлиэтээн эттэххэ, биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү ылбыт 1 группалаах инбэлиит буолбут киһи, 80 сааһын туолуутугар биэнсийэтэ иккистээн үрдээбэт. Төлөбүр кээмэйэ — 8 134 солк. 88 харчы этэ, төлөбүр кээмэйэ 16 269 солк. диэри үрдүөҕэ.

Биэнсиэйэҕэ эбии төлөбүрү кэлэр ыйтан төлүөхтэрэ. Сайабылыанньа суруйар ирдэниллибэт, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 27.05.2024 14:37 14:37