Бэс ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирбит федеральнай сокуон быһыытынан, сорох ыаллар (дьиэ кэргэннэр) оҕолоругар федерацияттан да, эрэгийиэнтэн да көрүллэр төлөбүрдэр кээмэйдэрэ улаатыаҕа, суруйда Саха парламент саайт.
Бу былырыын 2024 с. анаммыт төлөбүрү бэс ыйыгар саҥаттан оҥорторооччуларга сыһыаннаах. Ол эрээри, ыалга барытыгар буолбакка, дохуоттара аччаабыттарга, 2025 с. тохсунньу 1 күнүттэн үрдэтиллибит тиийинэн олоруу таһымынан көрөн үрдэтиллэр. Ону 17-гэр диэри саастаах оҕолор, 12-с нэдиэлэлэригэр диэри учуокка турбут хат дьахталлар, оҕону иитэ ылбыт ыаллар биитэр эпэкииннэр ылаллар. Онуоха сүрүн усулуобуйа – дьиэ кэргэн киһи ахсыгар тиксэр дохуотун кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу таһымыттан намыһах буолуохтаах. Босуобуйа кээмэйэ ыал дохуотуттан көрөн, оҕо тиийинэн олорор таһымын 50 %-а, 75 %-а биитэр 100 %-а буолуон сөп.
Эрэгийиэннэргэ өйөбүл саҥа дьаһаллара киллэриллэр. Холобур, Самаара уобалаһыгар оҕо ахсын 1500 солк төлөнүөҕэ. Бу өйөбүл эрэгийиэҥҥэ мэлдьи олорор, түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга, үс уонна онтон элбэх оҕону иитэр соҕотох аҕаларга, икки уонна онтон элбэх оҕону иитэр аҥардас ийэлэргэ көрүллэр.
This post was published on 30.05.2025 13:04 13:04