«Госавтоинспекция» бэс ыйын 1 — 5 күннэригэр суолга күүһүрдүллүбүт бэрэбиэркэҕэ таҕыста. Күн аайы рейдэлэр, нэһилиэнньэлээх пууннарга киириигэ-тахсыыга ДПС-тар, өйдөтөр-иһитиннэрэр үлэлэр, акциялар ыытыллыахтара.
Уруулга итирик туруктаах олорор суоппардары, суол, пассажирдары, ол иһигэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору, тиэйии-таһыы быраабылаларын кэһээччилэри, ПДД-ны тутуспат сатыы сылдьар дьону, көҥүлэ суох таксистары кытта күүстээх үлэ барыаҕа диэн ИДьМ ГИБДД управлениетыгар эттилэр.
Федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы айан суолларыгар хонтуруолга «КамАЗ» спецфургонунан ДПС постара таҕыстылар. Суолга куттал суох буолуутугар үлэлиэхтэрэ.
This post was published on 02.06.2022 17:02 17:02