Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр 150 миэстэлээх оскуола тутуута бэс ыйын 14 күнүгэр стартаата. Бастакы сыбаайа түһүүтүгэр Ил Дархан Айсен Николаев кытынна.
«Дойду президенэ Владимир Владимирович Путин быһа сорудаҕынан былырыын ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит сэлиэнньэ оҕолоро, икки этээстээх таас оскуолаҕа үөрэниэхтэрэ. Эбийиэк тутуута Саха АССР 100 сылыгар сөп түбэспитэ икки бүк үөрүүлээх. Оскуолаҕа оҕоҕо хаачыстыбалаах үөрэҕи биэриигэ анаммыт бары усулуобуйата тэриллиэҕэ. Бэс Күөл олохтоохторун бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүтүн тэҥҥэ үллэстэрбиттэн үөрэбин», — телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев суруйда.
Оскуоланы тутуу 2023 сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Миэбэллээх, үөрэтэр-лабораторнай оборудованиелардаах, компьютердардаах, интерактивнай дуоскалардаах буолуоҕа.
Бэс Күөл оҕолоро билигин 1982 сыллааҕы тутуу мас дьиэҕэ үөрэнэллэр. Барыта 134 үөрэнээччи баар.
This post was published on 15.06.2022 10:01 10:01